Page 85 - Оло5у таптаа Реас К
P. 85
йиэхтээх. Атын дьон түбэһэ түһэн тыллыахтара. Өйдөөх
баҕайы киһи онтон дьаахханыан сөпкө дылы. Дьиэ-
титтэн тугу эмэ ылан ааһаары таарыйыа дуо? Бэйи
'мин сарайга көһүтүүһүбүн. Ол ордук буолууһу дии
санааммын, туран, тахсаары саҥардыы өндөҥнөөн
эрдэхпинэ, аан аһыллан кэллэ. «Кини» диэн санаа өй-
бөр элэс гынан ааста. Суорҕаммын бүрүнэ тардынан,
утуйбута буолан хааллым уонна, санаам батарбакка,
суорҕаммын кыратык сэгэтэн, көрө, иһиллии сыттым.
Киһи (киирдэ. Ааҥҥа турбахтаата, онтон бэркэ сэрэ-
нэн Анна Ивановнаҕа тиийдэ. Тардыалаата быһыы-
лаах, дьахтар соһуйан уһугунна.
— Тыый, доҕоор, хайа бу эн кэллиҥ дуо? — диэн
дьахтар ыгылыйбыт саҥата ыйытта. Мнн: «Оо, кэл-
бит!»—диэн июпэр уолуйа санаатым.
— Мин, мин. Айдаарыма. Ити уҥа ороҥҥо хоноһо
сытар дуу? Кимий?— диэн, ботугураан ыйытта. «Оо,
дьэ бүттүм! Билигин сулбу ойон кэлэн, харбаан ылыа-
ҕа»,— дии санаатым.
— Ээ, уолуҥ Өндүрүүскэ кэлэн хоносытар,— Анна
Ивановна аахайбатахтыы хоруйдаата, таҥнан хачы-
гыраһарын быыһьггар.
— Миэхэҕэ таҥаста аҕала оҕус. Аччыктааһын да
баһаам. Аһыы охсубут киһи. Өндүрүүскэм сүрэҕэ
сэрэйээхтээтэҕэ дуу, бэрт тоҕоостоохтук кэлэн хоно
сытар эбит. Көрөн ааһар дьоллонноҕум,— дии-дии,
Сэмэн уот оттон барда.
Анна Ивановна оронун баһыгар турар, эрийии кү-
лүүстээх дьааһыгын аһан, эр киһп ырбаахытын, ыстаа-
нынуонна дьахтар сарыы этэрбэһин ылаттаан, уотин-
нигэр талах олоппоско уурталаата.
— Бу эмиэ туохпут уотай-күөһэй! Туох ааттаах
дьөлүтэ кэйиэлээн, бандьыыт буолаҥҥын, муҥ бөҕө-
83

