Page 60 - Иван Мигалкин Үөрүүбүн тэҥинэн үллэстэбин. Делю радость со всеми. хоьооннор
P. 60

ОЛОҔУМ  —  ӨРҮҮ АИАН

               Ийэкээм, соҕотох миигиттэн эрэ,
               Поэт буола сатыыр уолуҥ туһуттан —
               Төһөлөөх түүннэри утуйбатыҥ,
               Төһөтө санаарҕаан эрэйдэнниҥ?
               Маны барытын ааҕар, түмэр буоллар
               Чуумпу оҕолордоох уонунан ийэлэр
               Утуйбатах түүннэригэр, кыһалҕаларыгар
               Тэннэһиэ этэ, күндү ийэкээм!
               Кырдьыга,
               Мин сылдьар сырыым киэҥэ, холуһа,
               Биир сиргэ таба олорботум оҕоккото,
               Дьон көрбөтөҕүн, саҥаны көрөргө тиэтэлим.
               Билсэ, доҕордоһо, өстөһө охсубутум,
               Кыыһырсан бурайсыбытым түргэнэ —
               Биллэ, иһиллэ турдаҕа, ийэкээм,
               Мин туспуттан санаарҕабылы үөскэтэн...

               Тугу кистиэмий — бааллара
               «Муоралар тобукпунан буолуулара»,
               Күннээҕи тапталлар, итэҕэстэр...
               Ийэкээм,
               Эн уолун олоҕо — өрүү айан...

               Өрө тахсыылар, таҥнары түһүүлэр...
               Үгүстэ охтуом...
               Ол эрэн, кэлин син биир туруом,
               Ыллаабыт ырыабын тайахтанан.
               1975 с.,  Москва



                               58
   55   56   57   58   59   60   61   62   63   64   65