Page 5 - Саха дьахталларыттан бастакы журналистка Мария Гаврильевна Бурцева
P. 5
ААН ТЫЛ
К иһи олоҕо бэрт кылгас. Эһиги саха дьахталларыттан бастакы
журналист, “Кыым” хаһыат отделын сэбиэдиссэйэ, онтон кинигэ
таһаарар кыһа оҕоҕо аналлаах литератураны таһаарар отдел редак
тора Мария Гаврильевна Бурцева туһунан кинигэни тутан олоро-
ҕут.
Кинигэҕэ билэр дьон ахтыылара уонна кини сорох айымньыла-
ра, докумуоннар, хаартыскалар түмүллэн киирдилэр. Мария Гаври
льевна бэрт кыра сааһыттан хаһыат үлэтигэр сыстыбыт, ол курдук
оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан истиэнэ хаһыатын таһаарсар, бэйэтэ хо-
һоон суруйан холонор.
Үөрэнэн билии-көрүү аартыгар тахсан бэрт айымньылаахтык
үлэлии-хамсыы сылдьан 1946 сыллаахха күн сириттэн күрэммит.
Этэргэ дьшы, кинини өйдүүр-саныыр дьон күннэтэ аҕыйаан иһэл-
лэр. Дойдутугар Уус-Алдан оройуонугар уонна Дьокуускайга аҕыйах
аймахтара бааллар. Биир оҕото Марианна Семеновна пенсионерка,
оҕолорун, сиэннэрин көрөр-истэр. Атын үс оҕолоро үөрэнэн спе
циалист буолан баран, олохтон туораабыттар. Мария Гаврильевна-
лыын “Кыым” хаһыакка уонна кинигэ издательствотыгар үлэлээ-
бит дьон бэркэ сэдэхсийэн, бу киһи диир кыах суох курдук.
Советскай былааска, коммунистическай партияҕа улахан бэри-
ниилээх киһи олус эрдэ олохтон туораабыт эбит. Кини кэргэнэ Семен
Петрович Ковлеков эмиэ суох. Саха дьахталларыттан биир дьикти
дьылҕалаах, үтүө киһи туһунан бил эн, санаан ааһаргытыгар баҕа
санаабын этэбин.
Иван Борисов,
Саха сирин журналистарын Союһун бэрэссэдээтэлэ
3

