Page 83 - Е.Ф.Федоров. Уус-Алдан оройуона Сэбиэскэй сойуус Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар
P. 83

тор үлэлээбитэ.  БСК(б)П  райкома,  райсовет Исполкома ула-
            хан  дьону үөрэҕирдии дьыалатынан  куруук дьарыктаммыт-
           тара.
               Ити барыта улахан дьону үөрэҕирдиигэ балай да түмүк-
           тэрдээх буолбута.  1941  сыллаахха  562,  1942  сыллаахха 224,
            1943 сыллаахха  124,  1944 сыллаахха 53 уонна  1945 сыллаах­
            ха 23, онон сэрии сылларыгар барыта 987 киһи ааҕар-суруй-
            ар, үөрэхтээх дьон суотугар киллэриллибитэ. Итини таһынан
            ити сылларга 687 кыра үөрэхтээхтэр үөрэнэн бүтэрбиттэрэ.
               Ити  түмүгэр  үөрэҕэ  суох  улахан  дьону  үөрэҕирдииги
            ситэрбит  холкуостар,  нэһилиэктэр  ахсааннара  биллэрдик
            элбээбитэ.  Өскө  сэрии  иннинээҕи  1940  сыллаахха  7  холку­
            остар,  I  нэһилиэк үөрэҕэ суоҕу  үөрэҕирдиини  бүтэрбит бу-
            оллаҕына  1944 сыллаахха 60 холкуостар  14 нэһилиэктэр уо­
            нна  I  предприятия  үөрэҕэ суох улахан  дьону  үөрэҕирдиини
            ситэрбитэ.  I  Байаҕантай  “Кыһыл  Танда”,  I  Бэрт-Ууһа  Оле-
            сова  аатынан,  II  Өлтөх  “Бэйдиҥэ”,  I  Курбуһах  “Ньүөкүнү”
            холкуостар  үөрэҕэ  суохтары  үөрэҕирдиини  оройуоҥҥа  аан
            бастаан бүтэрбиттэрэ. I  Бэрт-Ууһа, I Курбуһах, 1 Байаҕаытай,
            II Өлтөх, II  Байаҕантай, II Бэрт-Ууһа, I Лөгөй, Найахы нэһи-
            лиэктэрэ өссө сэрии бастакы сылларыгар үөрэҕэ суох улахан
            дьону барытын үөрэҕирдиини ситиспиттэрэ. I Курбуһахха А.
            Пухов,  II  Өлтөххө  М.  Татаринов,  Хороҕо  М.  Петров,  Най-
            ахыҕа Е.  Заровняева курдук бастыҥ культармеецтар үлэлээ-
            биттэрэ.  I  Байаҕантай  сэбиэтин  бэрэссэдээтэлэ  Г.Д.  Егоров,
            I  Курбуһах  н/с  бэрэссэдээтэлэ  М.И.  Васильева,  Найахы  н/с
            бэрэссэдээтэлэ С.И.  Исаков үөрэҕэ суох улахан дьону бары­
            тын үөрэҕирдиигэ үчүгэй үлэлэрэ бэлиэтэммитэ.
               I  Өспөх, Танда,  II  Суотту, Өнөр, Түүлээх, Чэриктэй  кур­
            дук  нэһилиэктэргэ -  8-10  өссө  сорохторугар  5-6  үөрэҕэ  су-
            охтар  кыайан  үөрэммэккэ  хаалбыттара,  ааҕар-суруйар  буо-
            лууну  ситиспэтэхтэрэ.  Ити  кинилэр  улахан  итэҕэстэрэ  этэ.
            Онон  биһиги  оройуоммут  сэрии  сылларыгар  үөрэҕэ  суох
            улахан  нэһилиэнньэни  үөрэҕирдиини  сүнньүнэн  ситиспитэ.
            Ити оройуон культурней сайдыытын улахан кыайыыта.
               Сэрии  сылларыгар  биһиги  оройуоммутугар  1  култуура
            оройуоннааҕы  дьиэтэ,  1  оройуоннай  библиотека,  сельскэй
                                                                 75
   78   79   80   81   82   83   84   85   86   87   88