Page 54 - Г.В.Портнягин-Даҕайаарап сиэнэ. Бэйэни билинии
P. 54

Т.(В. ЛСортнягин-Фа$айаарап сиэнэ

             «Дорообо,  баһыыба,  үчүгэйи  этии,  комплимент  —  Эйэни
          оҥоруу».
             «Илэ  өйүнэн  сылдьан  эмиэ  куһаҕаны  сатаан  оҥорумуохха
          наада».
             17.  «Мин  эрэ  бэрпин,  сир  киинэбин,  миигинэ  суох туох да
          суох диэн сыыһатын, атын дьон баарын,  ситиһиилэрдээхтэрин,
          эйигин кэһэтиэхтэрин да сөбүн өйдөөһүн наада». Олох эйигинэ
          суох  былыргыттан  баар,  сайдар.  Дьиҥнээх  былаас,  ырай,  баай,
          кыах  атын  дьонтго,  үрдүкү  салалтаҕа  баар.  Араас  талааннаах
          дьон, спортсменнар, артыыстар, салайааччылар, улахан баайдар
          бөҕө бааллар. Эн кинилэргэ аҥар да атахтарыгар тиийэ иликкин
          билинтгитэ.
             18.  «Эрдэ  оҕо  буолан  бүтүү,  улахан  олоххо  тардыһыы».  Ак-
          тыыбынай  буола  сатааһын,  кыбыстыбакка,  скромнайдаабакка,
          эдэр  саас  кыахтарын куоттарбакка,  туохтан да маппакка,  куоп-
          пакка,  саспакка —  барытын сатыы сатааһын,  кытта охсуу.
             19.  Мээнэ-мээнэ  буолумуу,  күлүү гыныма,  элэктээмэ мээнэ
          түбэһиэх,  оннугу  сатаабат  дьон  өһүргэнэр.  Дьээбэни  сатыыр
          эрэ дьону кытта дьээбэлэс.

             Куһаҕан майгы.
             1.  «Өстөөххүттэн буолбатах,  атаскыттан сэрэн».
             2.  «Акаары өстөөхтөөҕөр куһаҕан».
             3.  «Күлүгээнистибэнэн  өҥнөнөн  баран,  дьиҥнээх  олоххо
          туһата суох».
             4.  Бэйэлэрэ  да  билбэккэ  сыыһыахтарын  сөп  кыра  таһым-
          наахтар.  Онон  дьыала  аайы  бэрэбиэркэлииртэн  кыбыстыллыа
          суохтаах.
             5.  Эдэр  буолан,  наивнай,  сатаабат,  билбэт  эрээри,  куһаҕаны,
          сыыһаны алҕас оҥоруу, онон соруйан оҥоруу даҕаны баар буолар.
             6.  Биир киһиэхэ  кыыһыран баран киһиэхэ барытыгар көһүү.
             7. Сааһын тухары өстүйэ, ньоҕойдоһо сылдьыы — кыра аайы.
             8.  Сатаан кэпсэппэт киһи куруубайдыаҕын баҕарар.
             9. Хаһан даҕаны саарааҥҥын эрэннэримэ.
             10.  Кыһыылаах тыллаах буолааччы — куһаҕан хараахтар.
             11.  Куһаҕан  сабыдыал.  «Капля  дегтя  в  бочке  меда».  Соҕотох,

         52
   49   50   51   52   53   54   55   56   57   58   59