Page 18 - Былыр этэ диэххэ
P. 18
аҕатын баттаҕына киһи киһитэ буолуо», — диэн куолулуурун ис-
тэр. Аҕабыт оҕотун көрөн баран дьон хараҕа сытыытын сөхтөр да,
мин оҕом буолбатах диэн иэдэс биэрэн куотунартан соло булбат.
Матырыанабыныын оҕолонон олорбутум буоллар ама маннык
дьылҕаҕа тэбиллиэм этэ дуо диэн иһигэр үйэтин-сааһын тухары
иитиэхтээбит кистэлэҥ имэҥнээх тапталыттан уйадыйара. Эмэх-
сийэн эрэр киһи уҥуоҕар киһи билбэтинэн сыл баһыгар-атаҕар
хайаан да охсуллан ааһара. Нойосуус үөрэппит Лермонтов хоһоо-
нун сахатытан хоһуйбут хоһооно харах уутугар быланан Маты-
рыанатыгар тиийэн кэпсиэҕин баҕарара:
Барытыгар, барытыгар махтанабын эйиэхэ
Имэҥим муҥун эйигиттэн булбуппар,
Хатыылаах тылтан харах уутун амсайбыппар,
Өһүөннээх дьонтон өлөн-охтон биэрбэтэхпэр.
Олохпун албыннанан олорбуппар.
Аны кэлэрим ыараата.
Махтаныам бүтэһигин
Бэйэҕэр ылларгын, уһаппакка.
Биир баар-суох кэннигэр хаалыахтаах бэйэлээтэр бэйэтин
сиэмэтэ быстах дьылҕаланан күн сиригэр уһаабатаҕа. Балабыай
ис-иһигэр киирдэххэ төлкөтө төннүбүт, соҕотохсуйууга уураах-
таммыт Демон этэ. Дууһатын өтө көрөн сырдатар, кэрэҕэ-сыр-
дыкка тардыһыннарар киһитэ суох сорсуйбута... Хаама сылдьар
өтөх абааһытын курдук өлөрүн көрдөөн эрэйдэннэр да бэйэ-
тин симиэрдигэр өлбүтэ. Сыттыгын анныгар кыракый кумааҕы
сыыһыгар хоһоон суруйан хаалларбытын сиэстэрэлэр булбуттар:
Мамыыҥкабар сырыттым
Чиэски, туора сиргэ өллөрбүн да
Дойдум буорун булларбыттарга махтал.
Үрдүм маһын оҥорор уолаттарга
Мастарыскыайы өҥөйөн көрбүтүм,
Үлэлэрин үгэнэ — кэпсээн үксээбит.
Хайа, бу тугуй... Урукку уолаттар
16

