Page 46 - Былыр этэ диэххэ
P. 46
Туоһапка саа тайаҕы өлөрбөт эбит диэн түмүк оҥостон, Дьө-
гүөр Боһунньукуоптан көҥүл үйэ саҕана булуммут охуотхарабыы-
нын уларсан кэллим. Быһыччыппытыгар чугаһаан — үрэх сыы-
рын түһэн истэхпитинэ биир тайах үрэх уҥуор дьаарга ыстанна.
Сыарҕаттан түһэн хаһан чууму ороһуохха диэри ыраатта. Сатахха
аппыт чугаһаатым охсон, ахсыма киирэн тохтуо дуу. Сыарҕа-
быт — таба наартата. Олгуобуйата суох быанан соһуллар. Сыыр
түһүүтүгэр сыарҕаттан ойон түһэн атаххынан туормастыахтаах-
хын. Инньэ гымматаххына атыҥ атаҕар баран түһэҕин.
Августа диэн ааттаах, ороһу төрөөбүт кулуну оҕолордуун
үлбүйэн, дьиэтитэн ат оҥостубуттарын көлүнэ сылдьабыт. Ол
иһин аппыт араас муокаһа элбэх, сэнээбит киһитин соҥҥуттан
ытыран умса тардан охторон тэпсэн эрэр курдук атаҕын икки
ардыгар кыбытар, эбиэскин кууллары байдары былдьаан ылар.
Балыксыппыт олорор кытылын тумуһаҕар кэлэн, мууска аты баа-
йар сэргэ диэн баҕана тоҥорон туруорарбытыгар аппытын баай-
дыбыт. Дьиэлээхпитигэр кэһиибитин биир эрэ иһити балааккаҕа
илдьэ киирдибит. Оҕонньорбут кыраҕа да итирэр, ол иһин ик-
киэн кыра-кыралаан исиһэбит. Куока-Миисэ аҕатыттан толлор
быһыылааҕа, дьиҥэр атын сиргэ иһэн итирэн охтубутун истээччи-
бин. Бөһүөлэк солуна бүтэн, суолбутугар тайах эмиэ көрсүбүтүн
аҕынныбыт. Утуйардыы сыппыппыт кэннэ дьиэлээхпит эбээн-
нии ньуу-ньаа ырыата-тойуга утутарын аата суох. Онтон мин
дьиэтиһэн хаалбыт оҕонньорбун, уум да көтөн, боруобалыырга
быһаарынным.
Бу сырыттахпыт тухары дьон бары ыйытааччылар: «Оҕонньо-
руҥ туох эмэ баардааҕын көрдөрбөт дуо?» — диэн. Былыр диэх-
хэ: «Хара Кустаахха кыстык пиэрмэ баарын саҕана хас да ыал
дьукаахтаһан бииргэ олороллор эбит. Тарбаммат итирэн баран
наһаалаабыт. Сиргэ төкүнүйэ сылдьан хара быарым туһунан ха-
лыҥ хара анньыынан ойбоммун тэһэн кулуҥ даа дии-дии ку-
луннуу мөҕө сыппыт. Лаппа холуочук Чыркыап Мэнчии истэ
сатаан тулуйбакка таһырдьа ойон тахсан тоҥ анньыыны ойутан
киллэрбит. Туох алдьархайай, тоҕо наһаалыыгын, ойбоннооххун
баҕастааххын, искин тэһэ анньыам, сүгүн буол диэт, анньыынан
тирээбит. Биирдэрэ: «Кытаат, доҕор, кыахтаах буоллаххына абы-
раа», — диэт, быарын туһунан туһаайыллыбыт анньыыны икки
илиитинэн харбаан ылан бэйэтигэр тардыммыт. Дьиэ иһинээҕи
44

