Page 8 - Ахтыы киэьэтигэр этиилэр
P. 8
санаһым Маайыс онтон тэптэрэн ыалдьар буолбута. Куруук кини-
лэргэ тиийдэхпитинэ, биһигитини үөрэ-көтө көрсөллөрө, бэйэлэрин
оҕолорун курдук саныыллара.
Миигин биирдэ Арамйан хоско ыҥыран киллэрэн, хоһоон дуу,
чэ, тугу эрэ аахтарбыта. Мин оччолорго даҕаны сүһүөҕү-сүһүөҕүнэн
ааҕар этим. Мин аахпыппыттан бэйэтигэр тугу эрэ көннөрүнэр
быһыылаах, сурунар эҥин этэ. Ону кэнники билбитим, ити миэхэ
олоҥхотун аахтарбыт эбит. Василий Ильичтиин уонна кыыһынаан
Өкүлүүнэлиин суруйбут олоҥхолорун аахтарбыт эбит.
Онтон саҥаһым туһунан эттэххэ, Маайыс Сыроватскайдар
кыыстара этэ. Ону ити Арамаан сиэннэрэ билиэххитин наада эбит.
Сыроватскайдар диэн биир улахан улуу дьоннор. Онтон Арамаан
дьонноро Соловьевтар эмиэ улуу улахан дьоннор, сүрдээх элбэх-
пит. Онон икки улуу төрүт ыаллартан холбоспут дьоннор, ол гы-
нан баран, хомойуох иһин, дьиҥнээх кэнэҕэски ыччаттара суох.
Өкүлүүнэҕэ, Нютаҕа суох. Арамаан ити Коляны ииппитэ.
Аны билигин Коля ити аҕагын ааттатар уонна сиэннэрэ аатта-
тыахтара дии саныыбын.
Ол гынан баран, мин таайым улуу улахан өйдөөх киһи эбит,
ол иһин кини бэйэтин үйэтин үйэтитээри бу олоҥхотун суруйбут.
Оҕото суох киһини, кинини олоҥхото сураҕырдыаҕа, үйэттэн-үйэҕэ
бара туруоҕа диэн мин саныыбын. Уонна ити эрдэ эппитим кур
дук, Арамааннаах бииргэ төрөөбүттэр сэттиэлэр. Улаханнара Биэрэ
диэн этэ. Кини кэргэнэ эрдэ өлөн тулаайах оҕолорун көрөн-истэн
олорбута. Ол кэнниттэн Өндөрөй, Хомуурдаах диэн тоҕо инньэ диэн
ааттаабыттарын билбэппин. Кини наһаа үлэһит, түргэн туттуулаах
киһи үһү, ол иһин, баҕар, итинник ааттабыттара буолуо. Кини
оҕолордоох, сиэннэрдээх. Онтон мин ийэм кэлэр, асчыт чүөчэ Ан-
ньыыска диэн. Мин ийэм сүрдээх үлэһит дьахтар этэ. Онтон мин
ийэм кэнниттэн Арамаан кэлэр, бу бүгүн үбүлүөйдээх киһибит. Аны
кини кэнниттэн Балаайа диэн, кини ыанньыксыт бэрдэ үһү. Он
тон Балбаара, сүрдээх үлэһит, асчыт, культурнай, ыраас киһи. Бал-
баара куруук дьуһуурунай этим диирэ. Билигин Балбаара оҕолоро,
сиэннэрэ элбэхтэр, бааллар. Онтон саамай кыралара Бүөтүскэ уон
на иитэ ылбыт Мотуруоналара, оҕурдук.
Онон дьэ, биһиги аймахтар сүрдээх халыҥ аймахтарбыт. Мин
маннык диэн этиэхпин баҕарабын, аны сайын бары мустан ба-
раммыт, Туола сайылыкка аймахтар диэн улахан бырааһынньыкта
оҥоруоххайыҥ. Бу Арамаан Бөтүрүөбүс аймахтара диэн мустуоҕун
уонна кэлэр көлүөнэ оҕолорбут аймахтарын туһунан биллиннэр,
ытыктаатыннар диэн маннык мустуоххайыҥ диибин.
Сивцева Татьяна Алексеевна, олоҥхоһут сиэн балта,
Бээди, Дүпсүн
62

