Page 6 - Ахтыы киэьэтигэр этиилэр
P. 6

— Хайа, оҕонньор, кэлбит эбиккин дуу?— диэтэ. Од саҥаһым
        киирбит эбит.
            — Хайа, бу кимий? — диэбитигэр,
            — Аргыый, айдаарыма, хата бу мин сир-халлаан сиксигиттэн
        сиэммин булан ыллым, — диэбитэ.
             — Айыккабын, бу маннык куормалаах хантан, киммит кэллэ? —
        диэбитэ. Дьэ, оннук олорон кэпсэтэн-ипсэтэн билистибит. Ол оло-
        рон таайым:
            — Билигин ОҔОМ кэлиэхтээх. — диэбитэ.
            Өр-өтөр буолбакка таһыттан саҥарбыт-иҥэрбит кыыс киирэн
        кэллэ.
            — Тээтэм, ийэм баар эбиккит дуу? — диэтэ уонна мин диэки
        көрөн баран, ийэтин кэннигэр тустэ. Онтон ийэтинээн хоско кии-
        рэннэр туту эрэ кэпсэттилэр. Кыыс сотору буолаат хостон, «Уба-
        йым, дорообо!» диэбитинэн сүүрэн тахсаат, илии тутуста. Мин
        үөрүү бөҕөнү үөрдүм, олорон эрэн бары ирэ-хоро кэпсэттибит. Күн
        сиригэр төрөөн баран, хаһан да харахтаан көрбөтөх балтым Акулина
        Романовна Алексеева эбит. Дьэ, ол курдук аан маҥнай билсиһиибит
        итинник. Итинник сылдьан, куруук ыалдьыт, ааннарын саппат
       оҕолоро буолан хааллым. Ол сайын мин Дьокуускай куоракка худо-
       жественнай училишеҕа туттарсан үөрэххэ киирбитим уонна кини-
       лэргэ куруук кэлэ-бара охсуллар этим.
            Биирдэ туттуна-туттунабын: «Олоҥхо суруйаргын билэбин,
       олонхоҕуттан, хоһоонноргуттан кыратык аахтара биэрбэккин ээ?»
        — диэбиппэр, хоһугар киллэрэн, эргэ баҕайы мае чымадааннаах этэ,
       онтукатыттан биир дэлби кэлгиллибит паапканы таһааран биэрдэ.
       Ону хас эмэ күнү быһа аахтым уонна маннык диэн эттим: « Бу со-
       рох хоһооннорго маннык-маннык диэн эттэххэ хайдах буолуой? Бу
       иннигэр маннык суруйан биэрдэххэ маннык иһиллиэ этэ»,— диэм-
       мин эттим.
            Ону хайдах маннык эдэр 050 мин үлэбэр орооһоруй диэн муо-
       даргыы көрбүтэ. Онтон, дьэ, кэнники син ылынар буолбута, онон-
       манан уларытыы киллэрэр буолбута. Сороҕор, бэйэтэ ыйытааччы:
       «Бу маннык гыннахха хайдах буолуой?»— диэн. Дьэ, кэлин таайбар:
       «Эн бачча элбэх үлэни үлэлээн бараҥҥын, улуу олоҥхоһут аатыран
       бараҥҥын, хайдах биир эмэ олоҥхону суруйтаран хаалларбаккы-
       ный?» — диэн этэбин.
            — Дьэ, тукаам, ким биһиэхэ ылла да мээлэ суруйан биэриэй
       уонна мин олоҥхолооботоҕум ыраатта, ити оҕом тохсус кылааска
       үөрэнэ сылдьан өлүөҕүттэн ыла олоҥхолообот буолбутум, — диэтэ.
       Ити Акулина Романовна балта, кыыстара өлүөҕүттэн.
            — Дьэ, ону ол диэбэккэ, боруобалаан көрүөххэ, — диэн тыл
       көтөхпүппэр, хайдах эрэ муодаргыы санаабыта быһыылаах. Дьэ, ити
       итинник ааста.
            Кэнники мин «Мүлдьү 050» диэн Дмитрий Дмитриевич Коно­
       нов олоҥхотун буламмын киниэхэ аахтым уонна Күннүк Уурастыы-
       рап олоҥхотуттан, ол кэнниттэн Тимофеев «Ороһу оҕонньор» диэ-
       60
   1   2   3   4   5   6   7   8