Page 50 - Поэзия күнэ
P. 50
ФЕОКТИСТ СОФРОНОВ
Самолетунан
Салпакка ньиргийэр
Самолет аартыгар
Быһыттар, урэллэр
Былыттар, туманнар
Анныбар, урдубэр
Аймана хаалаллар.
Куорсуннаах ох тэҥэ
Куйаара көтөбун.
Бу эрэл ат-миҥэ
Мотуордаах көлөбун,
Айанын эрчимэ
Алыһын сөҕөбун.
Иин иһин курдук, туҥ,
Им балай да тууҥҥэ
Уураппат котуутун
Уот сындыыс бу миҥэ:
Көтөбут өруутун —
Кунүс-туун этэҥҥэ.
Этээстээх уоруктар
Испиискэ хаатыныы,
Эргэнэ баай тыалар
Эрбэһин сыыһыныы,
48

