Page 52 - Поэзия күнэ
P. 52

ВАСИЛИЙ  СОЛОВЬЕВ


                             Үтүө  сир  Үйээнди
                           Сэлээннээххэ  өрөөн-хонон,
                           Сэлиик  табаларга  олорон,
                           ҮЙЭЭНДИ  диэн  утө  сиргэ
                           Үчүгэй  буолара  саас  тиийэргэ.
                           Чоҥкуйа  мууһурбут  чабырҕайдардаах,
                           Чочоруттар  туруук  таас  очуостардаах
                           Хаччадай-тараҕай  хайалар
                           Халлааҥҥа  анньыллан  тураллар.
                           Чыысгайга  арыт  часкыйа  ыллаан,
                           Чыпчархай  курдук  сытыы  чысхаан
                           Хаһыыран-ыһыыран  эмиэ  түһэр,
                           Хаардаах  кумайы  өрө  тибэр.
                           Оттон  ылааҥы  күҥҥэ  ыттан,
                           Ол  очуостар  уу  дьулайдарыттан,
                           Туланы  одуулаһа  турдахха
                           Туналыйан,  о  дьэ  сир  аххан!
                           Көстөллөр  үмүөрүһэн,  үрдээн
                           Күөх  оройдоох  таастар *  күлүмүрдээн.
                           Чахчы  ыраас  муус-маҥан  хаар
                           Чабылыйар  сырдыга  онно  баар.

                Таас  хайалар.
                                      50
   47   48   49   50   51   52   53   54   55   56   57