Page 51 - Поэзия күнэ
P. 51

Дьэргэҥнээн  ааһаллар,
                    Дьэ,  дьикти  даҕаны!
                    Үүнүүлээх  буолактар,
                    Өҥ  уулаах  өрүстэр,
                    Суон  турба  заводтар
                    Ийэ  сир  иэнигэр,
                    Эгэлгэ  араастар
                    Элбэхтэн  элбэхтэр.
                    Түүн-күнүс  мэлдьитин
                    Төһө  да  көттөрбүн,
                    Улуу  сир  киэлитин
                    Уҥуорун  көрбүтүм.
                    Дуолан  күүс,  киэҥ-кэтит
                    Дойдулаах  күндүтүн!

                    Бу  улуу  аал  курдук,
                     Буомнары  билбэккэ,
                     Биһиги  наар  куруук
                    Үрдүктэн  үрдүккэ
                    Дохсуннук,  хоодуоттук
                    Дьулуһа  үүнүөххэ!


















     День  поэзии             49
   46   47   48   49   50   51   52   53   54   55   56