Page 56 - Поэзия күнэ
P. 56

Н.  И.  СТЕПАНОВ,
                                                  норуот  ырыаһыта

                   Кырымахтаах  хара  саһыллар


                          Эргэнэ  хара  тыам
                           Эҕэрдэлээх  эҥэригэр,
                          Догдоҥ  хара  тыам
                          Дьоллордоох  тоҕойугар
                          Үрдүнэн  көппөтүн  диэн
                          Үс  миэтэрэ  үрдүктээх
                           Эр  бэрдин  орто  буура
                           Эмтэр-тэмтэр  хаамтаҕына
                           Икки  сүүс  хаамыынан
                           Эргийэн  түмүктүүр
                           Иэннээх  олбуорга,
                           Хара  тыам
                          Харыһыктаах  булда,
                           Хара  саһыллар,
                           Сыыдамнык  сырса,
                           Чоҕулус-игилис  кэрэ,
                           Ньылас-хаптас  хамсана,
                           Көҥүл  көччүйэ,
                           Көрүлүү  сылдьалларын
                           Көрүөххэ  кэрэ  да  эбит.

                          Маннык  мааны
                           Бастыҥ  түүлээхтэр,
                           Дьаарбайдыннар  диэн
                           Талыы  хааччахтаахтар
                           Утуйдуннар  диэн
                                    54
   51   52   53   54   55   56   57   58   59   60   61