Page 57 - С.С. Аржаков Уус-Алдан үлэһит дьоно
P. 57
ССКП КК генеральнай секретара Л.И. Брежнев 70 сааһынан
сибээстээн Саха норуотун аатыттан туттарыллыбыта. Ол чоро-
оно, биллэрин курдук, айдааннаах буолбута. Ол айдааны, бы-
лаас уларыйар кэмигэр түбэһиннэрэн, конъюктурщиктар тар-
дыбыттара. Ол алмаастаах чороону ким да сүгэн-көтөҕөн бар-
батаҕын үрдүнэн, Россия гохраныттан төтгөрү ылан, Саха си-
ригэр аҕалан тураллар. Дьиҥинэн, Саха улууканнаах муосчута
Аммосов Т.В. үлэтэ диэн ааттанан Москва хайа баҕарар музей-
ыгар дьон-сэргэ көрүүтүгэр турбута да буоллар, соччо сыыһа
буолуо суох этэ.
Бу боппуруоһунан сибээстээн эттэххэ, эмиэ биһиги
киһибит, Терентий Васильевич үөрэнээччитэ Аким Бурцев
Аҕа дойду сэриитигэр советскай норуот Улуу Кыайыытын 25
сылынан сибээстээн 2 м. 84 см уһуннаах, 60 кг ыйааһыннаах
мамонт муоһугар кыһан оҥорбут композициятын Старая Рус-
са куорат музейыгар уура сытыаралларын 1999 сыл олунньу
ыйыгар бара сылдьан көрөн сүрдээҕин үөрдүбүт, дьон-сэргэ
тоҕуоруһан көрөллөрүттэн сүргэбит көтөҕүлүннэ. Үгүс киһи ол
оҥоһугунан сибээстээн бу Сахалар диэн омуктар дьонноро
1943 сыллаахха Улуу Новгород сирин немецкэй-фашистартан
босхолоору Ильмень күөлүгэр иэдээҥҥэ түбэспиттэрин бил-
лэхтэрэ.
Терентий Васильевич 1987 сыллаахха Дьокуускай куоракка
өлбүтэ. Кини көмүс уҥуоҕун, бэйэтин кэриэһин толорон, Уус-
Алдан оройуонугар II Курбуһах нэһилиэгэр төрөөбүт сайылы-
55

