Page 64 - С.С. Аржаков Уус-Алдан үлэһит дьоно
P. 64

Бурдук үүннэрээччи
                             Н .Н .  Сивцев
























           Уус-Алдан  оройуонугар  Танда  үрэх  сүнньүгэр  таҥараһыт
         Бөтүрүөп  19-с үйэ  бүтүүтэ,  Грециятган  эргийэн кэлэн  баран,
        хайа  үрдүгэр  дьиэ  тутган,  тулатыгар  тыаны  солоон  бастакы
         бурдугу ыспыта үһү.  Бэйэтэ Арҕаа дойдутган аҕалбыт сиэмэтэ
         буоллаҕа дии. Туох культура эбитин ким билиэ баарай? Ол кур-
        дук ытыс дуу, өссө онтон кыра дуу сиэмэ төһө сиргэ ыһыллы-
         быта  биллибэт.  Бөтүрүөп  оҕонньор  ыспыт  сиэмэтэ  үүммүтэ
         эбитэ  дуу,  хаалбыта дуу,  эмиэ  биллибэт.  Ол  эрээри  туох  эрэ
        үүнэн хас да үйэ нөҥүө  бурдук ыспыта үһү диэн үһүйээн кэ-
        лиэн сөп.
           Оттон  Бэйдиҥэ сиригэр,  оройуон историятын чинчийээч-
        чи-суруйааччы  Иван  Охлопков  булбут  докумуоннарыттан
        көстөрүнэн, бурдук ыһыытынан  1836 сыллаахтан дьарыктанан
        барбыггар.  1852 сыллаахха Өлтөхтөр 229 киһи 67 буут сиригэр
        бурдук ыспыттар. Биллэн турар, ити кэмҥэ хантан эрэ аҕалыл-
        лар  ыһыы  сиэмэтэ  наһаа  ыарахана.  Биир  ытыс  сиэмэ  биир
        ынахха  сыаналанар  эбит.  Ол  үрдүнэн,  оччотооҕуга,  бурдук
        дьон  олоҕор  саамай  тыын  боппуруос  буоларын  таба
        өйдөөбүттэр. Нэһилиэккэ олорор ыал хайаан да бурдук ыһына-
        ра булгуччулаах оҥорбуттар.  Ыалга уол оҕо төрөөтө да,  биир-
        дии буут сирин, солооһун да солоон туран биэрэр буолбутгар.
           Уус-Алдаҥҥа  бурдук  ыһыыта  19-с  үйэ  иккис  аҥарыттан
        Хоро, Дүпсүн сирдэринэн тарҕанан испит. Оройуоҥҥа бурдук
        ыһыыта  колхозтааһынтан  ылата  киэҥник  тэнийбит.  Киһи
                                    62
   59   60   61   62   63   64   65   66   67   68   69