Page 9 - С.С. Аржаков Уус-Алдан үлэһит дьоно
P. 9

сүөһүнү уотуу улахан көрдөрүү буолбатах диэн куолулаары гы-
        нар  этилэр.  Биирдиилээн  качественнай  көрдөрүүгэ  олоҕуран
        уопсай түмүк тахсар буоллаҕа дии.  Ол курдук  1975 сыл эбэтэр
        тохсус  пятилетка  түмүгүнэн,  1965  сылы  кытта  тэҥнээтэххэ,
        ынах сүөһү ахсаана  29  бырыһыан,  а.э.  үс  гыммыт  бииринэн,
        о.и. ыанар ынах 20, сылгы 33 бырыһыан эбиллибиттэрэ. Оттон
        эти  оҥоруу  (валовайынан)  2737  тоннаҕа  тиэрдиллэн  икки
        төгүл кэриҥэ элбээбитэ. Үүтү ыаһын 35 бырыһыан эбиллиби-
        тэ.  Бу  барытын  түмүгэр  эти  государствоҕа  атыылааһын  2
        төгүлтэн ордук, отгон үүтү атыылааһын ити иннинээҕи 5 сыл-
       лааҕы орто көрдөрүүтгэн 4,6 төгүл улааппыта.  Бу колхозтаах-
       тар,  рабочайдар  харчынан  дохуоттарын  төрдө,  бу  дьон-сэргэ
        олоҕун уйгутун үрдэтии дьиҥнээх төһүүтэ этэ.



























                  Оройуон тыатын хаһаайыстыбатын бастынпара.


          Уус-Алдан  оройуонун  кураайы  усулуобуйатыгар  даҕаны
       сиртэн  туруктаах  үүнүүнү  ылар  кыах  баарын  оройуон  сирин
       оҥоһуутун үлэһиттэрэ бэйэлэрин дьаныардаах үлэлэринэн да-
       каастаабытгара. Ахсыс пятилетка устата Бэйдинэҕэ Н.Н. Сив-
       цев, Сыырдаахха Ф.Ф.  Ефимов, Дүпсүҥҥэ С.Н.  Копырин со-
       лооһун бөҕөтүн оҥорон, бүтэй-хаһаа туттаран, ыһар сиэмэлэ-
       рин  тупсаран,  органическай  уоҕурдууну  туттан  туорахтаах
                                   7
   4   5   6   7   8   9   10   11   12   13   14