Page 13 - С.С. Аржаков Уус-Алдан үлэһит дьоно
P. 13
киһилэрэ Василий Прокопьевич Готовцев, дьон киһитэ Нико-
лай Иванов, эдэр көлүөнэ үлэһитгэр инники күөннэригэр
иһэр, Үлэ Албан аата орден толору кавалера Михаил Готовцев
тустарынан кылгас да соҕус буоллар ахтыылары оҥордум,
очерка курдук эмиэ суруйдум. Онтуктарбын даҕаны бэйэм би-
лэр эрэ чахчыларбар олоҕуран.
Уус-Алдан оройуона үлэһит эрэ оройуон буолбатах. Кини
саҥаны, үчүгэйи ким хайа иннинэ олоххо киллэрэргэ сытыы
өйдөөх, туруу үлэһиггэрдээх оройуон. Ол да иһин маҥнайгы
учуутал дьахтар, Саха сиригэр гражданскай сэрии номоххо
киирбит Геройа, Саха бастакы профессора, Саха дьонуттан
бастакы Үлэ Геройа, Саха дьахталларытган бастакы Социалис-
тическай Үлэ Геройа Уус-Алдантан тахсыбыттара. Ийэ дойду-
тун көмүскээн үс сэриигэ актыыбынайдык кыттыбыт киһи
биһиги киһибит. Олор тустарынан тус бэйэлэрин да үчүгэйдик
билэрбинэн ыччакка анаан хайдах суруйбат буолуохпунуй?
Үлэҕэ үтүрүттэрэн уонна кинигэҕэ миэстэ да тиийбэтинэн
үлэҕэ-хамнаска үтүмэн бииргэ аалсыбыт үтүөкэннээх, бэркэ
билэр, үгүс үлэһит дьоммун бу ахтыыбар кыайан киллэрбэтэх-
питтэн бэйэм да улаханнык хомойобун. Ону таба өйдүөхтэрэ,
омнуолуу саныахтара суоҕа диэн эрэнэбин.
Бу ахтыыбар, саамай кылаабынайа, улуус ыччата бу кинигэ-
ни ааҕан, Уус-Алдан улууһа үөскүөн иннитгэн үлэҕэ үтүө үгэс-
тэрдээҕин, киһи-аймах обществота үлэнэн эрэ туругурарын,
үлэ эрэ киһини киһи оҥорорун, киэргэтэрин өйдөөн, үөрэххэ,
үлэҕэ турунуон баҕарабын уонна онуоха эрэнэбин!
1]

