Page 13 - Кун кууьар хайатыттан
P. 13
Ол эрээри саҥарбаттар.
Мунньустубут дьону Манаас
Уоттаадынан одууласта:
— Чороҥ кыра инилээхпин,
Адам кырдьадас, билэҕит,
Араарбакка илдьэ сылдьыах,
Субэ-ама этэн биэриэх
Чугас аймах киһим суох.
Элбэх омук дьоно бүгүн
Сүбэлэһэ муһуннугут:
Кыргыыс, казаах, калмаак, мангуул,
Кангаай, торҕоот, мандьуу — бары.
Ама бас-көс киһи буолуох
Атын баатыр көстүө суоҕай?
Онуоха мындыр Акбалта
Ойон туран маннык эттэ:
— Манаас хааҥҥа эдэр буоллун,
Адата — олус кырдьадас.
Кырдьадастаах эдэр кыаҕын
Түмсэн бииргэ холбуоххайыҥ,
Кырдьадаһы хаан гыныаҕын ,
Манаас бастыҥ баатыр буоллун.
Онон хаан үрүҥ тэлгэҕэр
Иккиэннэрин олордуоҕуҥ!
— Иккиэн баһылык буоллуннар, —
Модун хаһыы дуораһыйда.
Иккиэннэрин хаан тэлгэдэр
Сэргэстэһэ олортулар,
Адыйах хаамыыны бараат,
Адата дьону тохтотто:
— Кырдьадаска кыыһырымаҥ,
Уол бэйэтэ салайыахтын,
Көрдөһөбүн, батынымаҥ!
Ил дьоно Манаас баатыры
Түһүлгэ үрдүнэн көтөхтө,
Сэттэтэ ордууну эргийдэ,
Бэлиэ бэргэһэ кэтэртэ.
Төрүттэрэ Нодой хаантан
11

