Page 17 - Кун кууьар хайатыттан
P. 17
Кэрэ кыыһы Айыы Тойон
Кэхтибэт гына айдар!
Сор-муҥ куота сылдьар,
Солко мэлдьи саҥа буоллар,
Өлөр өлүү диэни бар дьон
Өрүү да билбэт буоллар!
Күөх от курдук үүнэ турдар,
Харах уота оспот буоллар,
Эдэркээн кэрэ кыргыттар
Эмэҕирбэт буоллаллар!
Кыстык хаар да баһаамнаатар
Кырдьар диэн суоҕа буоллар,
Санаа хоту көҥүл, дэлэй,
Саҥа олох салалыннар!
Бар дьон мэлдьи дьоллоох буоллар,
Тулаайах диэн тыл суох буоллар,
Өлөр өлүү эдэр дьону,
Өйдөөх дьону тыыппат буоллар!
Оҕо сааһыгар дьоллонор
Отох оҥоһуулаах дьоннор,
Өлөн баран иккис төрүүр
Өрүү суох эбээт, доҕоор!
Ат сылгы быһый атаҕын,
Батыйа сытыы кылаанын,
Хаһан да киһи эргиппэт
Хаттаан олох далбарын.
Семен Данилов тылбааһа
МИН КЭРИЭС ЫРЫАМ
Оҕуурдуу эриллэр баттаҕым,
Оҕуурдаан туттум сур аппын.
Токтогул оҕонньор ыллыым
Тускуллаах дойдум ыһыаҕар.
15

