Page 204 - Кун кууьар хайатыттан
P. 204
да күүстээх тыал түстэ, баал бөҕө, онуоха балык хап да хап
буолан барда. Инньэ гынан чуут ууга былдьана сыстым.
Мин (кутааны күөдьүтэн биэрэ-биэрэ). Туох ааттаах кут-
таллаахтык сылдьаҕын?
Искандер (окумалын былчыкнарын таптайбахтыыр).
Туох буолуой?! Оннооҕор буолуохха түбэһиллээччи!
М и н. Эн наһаа маладьыаскын, ону баҕас билэбин.
Искандер. Ону эн билэҕин, отгон балык билбэт. (Ку-
тааҕа чугаһаабытыгар дьоппуон табаҕын тобоҕо сытарын
көрөр.) Ким кэлэ сырытта?
Мин. Хайа эрэ уол уокка иттэн барда. Кофе иһэртим,
кини миэхэ табаҕыттан бэристэ.
Искандер. Дьоппуон сигаретата. Үспүйүөн эбитэ дуу,
киэбиримсэх пижон эбитэ дуу? (Миигин кууһан ылла, Козлов-
скай диэн ырыаһыты үтүктэн ыллыыр.) «Люблю я этот сад,
тенистый и уютный...» (Сыҥааҕырдыыр.) Атыылаһааччы да
суох, дириэктэр да мэлигир. Уу чуумпу... Togo саҥарбаккын?
Мин. Билбэппин. Халлаан... Кофе иһиэҥ дуо?
Иск а н д е р. Оннооҕор кытаанаҕы иһиэм этэ.
Мин. Ханньаах кутабын дуо?
Искандер. Оннооҕор өссө күүскэ итирдэр наада.
М и н. Ол туох нааданый?
Искандер. Эн!
Мин. Дьаабыланыма!
Искандер. Сеп, соп.
Биһиги саҥата суох олоробут.
Мин харана бай§алы одуулаһабын. Искандер гитаратын ылан оргууй
ыллаан барда: «В день осенний улетают к югу стаи журавлей...»
Мин. Саша, эн хаһан эмэ дьоллоох этиҥ дуо?
Искандер (гитаратын тыаһата-тыаһата). Дьоллоох
кэмнэр элбэх этилэр. Билигин эмиэ оннук түгэн — түҥкэ-
тэх биэрэк, уу чуумпу... Миигинниин көбүс-көнө атахтаах
кэрэчээн дьахтар... Togo ону ыйыттыҥ?
Мин. Манна кэлиэхпит иннинэ бырааска киирэ сылдьы-
бытым.
Искандер гитараҕа оонньуурун тохтотор.
Кини миигин хаһан да оҕолонуоҥ cyoga диэбитэ...
202

