Page 207 - Кун кууьар хайатыттан
P. 207
хаалбыта... Дьиэбэр кэлэн нэдиэлэни быһа ытаатым-соҥоо-
тум. Ол иһин ийэм атыны санаан билэр акушеркатын ыҥыр-
да. Хайыахпыный, туох буолбутун хайдах баарынан кэпсээн
биэрдим. Оттон дьонум быардара быстыар диэри дэлби күл-
сүбүтгэрэ.
Азиз. Ол тараҕай администратор искусствоҕа туту сатаан
быһаарсыай!
М и н. Ол кэнниттэн мин биир биллиилээх артыыска бара
сылдьыбытым. Кыргыттар бары ытыы-ытыы сырсан ело сы-
һар артыыстара. Миигин истэн баран этэр: «Куолаһыҥ орто-
һуор соҕус эрээри, бэртээхэй да фактуралааххын!» уонна ыкса
чугаһаан испитэ. Мин сиргэнэн, кэлэйэн, эмиэ куотан хаал-
бытым. Уонна баран «ыра санаа» дии сырыт, күндү табаарыс.
Азиз. Итинэн бүппүтэ дуо?
М и н. Ол да кэнниттэн эмиэ ыраланар аҕай этим да, ону
билигин ахтар наадата суох. Хайа, ис санаабын кэпсээн-ип-
сээн эйигин аралдьыттым дуу?
Азиз. Инньэ диэмэ.
М и н. Ол ыра санаам — хаайыыттан босхолонуу этэ.
Азиз. Хаайыыга олоро сылдьыбытыҥ дуо?
Мин. Суох, кини миигин быыһаабыта.
Байҕал диэки кэҕис гынабын.
Азиз. Кини туһунан сыыспатах эбиппин.
Мин. Маҕаһыыҥҥа үлэҕэ киирээппин кытта учуот буол-
ла. Арай онно мин икки тыһыынча солкуобай итэҕэстэнэн
хааллым. Үс күнү быһа бэрэбиэркэлээн баран, суукка биэрэр-
гэ быһаардылар. Мин үлэбэр тахсыбакка, хаһан тута кэлэл-
лэрин күүтэн дьиэбэр олордум. Букатын иирэ сыстым. Утуйа
сытан хаайыыны түһүүрүм, арыт илэ да костон кэлэр курдуга.
Бэйэбинээҕэр ийэбин ордук аһынарым. Мин хаайылыннах-
пына, кини өлөн хаалыа этэ. Онтон арай биирдэ кини, Ис
кандер, биһиэхэ тиийэн кэлбитэ, онно барытын кэпсэттим,
эн хаайыыга барбат буоллуҥ, босхолоттум диэбитэ. Мин ийэ-
биниин киниэхэ ыйана түспүппүт, үөрүүбүтүттэн марылаччы
ытаабыппыт.
Азиз. Онон быыһанан хааллаҕыҥ дии?
Мин. Быыһанан.
205

