Page 202 - Кун кууьар хайатыттан
P. 202
Азиз. Сөп, сөп, өйдөөтүм... Бокулуонньук эрэ буолбакка,
өссө талаан да баар кыыһа эбиккин.
М и н. Дьиҥэр, барыта ити курдук буолбатах ээ. Хаар-
тынан сатаан сэрэбиэйдиигин дуо?
А з и з. Кыратык сатыыбын.
М и н (хаартыны тэлгэтэ быраҕан баран). Чэ таайан көр
эрэ... туора хоруолун.
А з и з (хаартыны наардаан уурталыы-уурталыы). О-о! Баат-
таах кыыс эбиккин. Хоруолуҥ — бэйэтэ массыыналаах, кыр-
дьа барбыт, наһаа үтүө санаалаах, олус баай киһи эбит. Togo
күлэҕин? Хаарты сымыйаны кэпсиир дуо?
М и н. Чэ-чэ, өссө этэн ис.
А з и з. Хоруолуҥ эйигин олус таптыыр. Бэйэ-бэйэҕитин
таптаһар буолаҥҥыт иккиэн наһаа дьоллоох эбиккит.
М и н. Тыый! Дьикти, таайыллыбат киһим, баҕар, эн дьол
диэн тугун билэриҥ буолаарай?
А з и з. Мин да син билэбин...
Мин (элэктии быластаан). Дьэ эрэ, кэпсиэҥ буолаарай?
Азиз. Дьол диэн — ыра санаа. Ол санаатын ситтэҕинэ
киһи дьоллоох буолар.
Мин. Онтон? Ол кэнниттэн?
А з и з. Ол кэнниттэн эмиэ атын ыра санааланар.
М и н. Эн дьоллоох этиҥ дуо?
Азиз. Дьоллоох этим.
Мин. Toho op дьоллоох этигиний?
Азиз. Билбэтим. Дьол бириэмэнэн кэмнэммэт.
Мин. Оттон билигин дьоллооххун дуо?
Азиз (ойон туран иһэн). Билигин — суох...
Мин. Ол Togo?
Азиз. Мин тыыннаах буолуохпун 6agapa6biH...
Мин. Туох диигин?
Азиз (сигарета табаҕын хостуу-хостуу). Ээ суох, таах...
мээнэ... Эн табах TapflagbiH дуо?
Мин. Ок-сиэ, дьоппуон Ta6aga!
Азиз. Син үчүгэй табах.
Иккиэн табахтыыбыт.
Отгон ЭН... ДЬОЛЛООХ ЭТИҤ дуо?
Мин. Өйдөөбөппүн ээ... Арыгы иһиэххин 6agapagbiH дуо?
200

