Page 24 - Кун кууьар хайатыттан
P. 24

Мин көрөбүн эн хаардаах чыпчаалларгын,
                       Төрөөбүт дойдуом, төһө да ырааҕыҥ иһин
                       Сүрэҕим өрүү баар эн хайаларгар.
                       Үөрүүм да өлбөөрөр эйигитгэн ыраах.

                       Ала-Too, төрөөбүт дойдум!
                       Эмиэ дьиэбэр,
                       Эмиэ дьиэбэр эргилинним!
                       Мин саҥабар ой дуораана хойдор!
                       Ыпсыбатах ырыам дьэ ыбыстын!
                       Үөрүүм миэнэ, олоҕум миэнэ,
                       Ала-Too, төрөөбүт дойдум.
                                                     Семен Данилов тылбааһа



                         ЭН ХААРТЫСКАҔЫН КӨРӨ ОЛОРОН
                       Эн сааскы сарыалга тыллыбыт сибэккигин,
                       Саас күндүл күлүмүгэр тэҥниибин мичилгин.
                       Арылхай хараххын утары көрөбүн,
                       Эн миэхэ истиҥник бу күлэ мичийдиҥ.
                       Бу эн бэйэҥ буолбатах, эйиэнэ күлүгүҥ,
                       Эйиэнэ хаартыскаҥ, эн миэхэ бэлэҕиҥ.
                       Хаартыскаҥ бу миэхэ мичээрдиир билигин.
                       Эн бэйэҥ кимиэхэ мичээрдээн эрэҕин?
                                                    Моисей Ефимов тылбааһа


                                     ЧАҺЫ ЭТЭР

                       Чаһы тыаһын, чаһы тыаһын истэр бэрт.
                       Чаһы тэҥ тыаһа этэргэ дылы эбээт:
                       «Эн умнума, — диир чаһы, — ити тыһыргыыр тыас
                       Илдьэр эдэр сааскын, оҕотук атаас».

                       Мин курус гынным. Оттон чаһы этэр:
                       «Мээнэ хомойума. Иһит даа, сэгээр:
                       Ол тыас ахсыгар, ол тыас ахсыгар
                       Улам чугаһыыр коммунизм сырдыга».
             22
   19   20   21   22   23   24   25   26   27   28   29