Page 19 - Кун кууьар хайатыттан
P. 19
Сыл аҥаара күнэ суох халлааннаах
Сир уһугар ыраахтааҕы
Сылгылыы үүрэн аҕаалтын,
Аймах билэ бар дьоммун
Аймана ахтарым мунун.
Кэпсээ, киэн кэриэс тойугум,
Туллан түспүт туораахтыы,
Тоһута үктэммит ачалыы
Санаарҕаан сүөм түспүппүн,
Хараастан харыс намтаабыппын,
Түрмэ хараҥа уоруга
Тыыммын тууйар буолбутун.
Кэпсээ, киэн кэриэс тойугум,
Сылтан сыл сыыллан ааспытын,
Атах, бас да сыгынньаҕын
Ахса суох суолу хаампыппын.
Кэпсээ, киэн кэриэс тойугум,
Санаа-оноо сарбыллан,
Өйүм-төйүм өһүллэн
Өлө сыспыт үлүгэрбин.
Кэпсээ, киэн кэриэс тойугум,
Түүн кистээн олороммун
Талах хомуһу оҥороммун
Тимиринэн тыллаабыппын.
Кэпсээ, киэн кэриэс тойугум,
Кимиэхэ да сүгүрүйбэккэ,
Түрмэ дьонун түөкэйдээн
Токтогул төннөн кэлбитин,
Төрөөбүт буорун булбутун!
Гаврил Вешников-Баал Хабырыыс тылбааһа
2-18

