Page 26 - Кун кууьар хайатыттан
P. 26

Оо, кыталык, кыталык — күммүт дьиктитэ!
                       Оо, кыталык, кыталык,
                       Тулаайахсыйар эбээт
                       Эн тумна көппүт күөлүҥ киэлитэ,
                       Хараастан, силбигирэн кэлэр эбээт
                       Эн тайаарбат буолбут халлааныҥ киэҥ иэнэ.
                       Эн бааргын —
                       Уу, хонуу, халлаан килбиэнэ...
                       Оо, көҥүллээ эрэ, ыраас тарбахпынан
                       Имэрийэн ылыым эйигин — күммүт дьиктитэ.


                                      АК-БУУРА

                                Ак-Буура, хоһуун үрэх,
                                Ыраахтан эргилинним,
                                Өлбөт мэҥэ уугун иһэн
                                Сөрүүкээн чэбдигирдим.

                                Төһө да сылбам быстан
                                Сындалыйан кэллэрбин,
                                Хат күүһү-уоҕу ылан,
                                Эмиэ өрө күүркэйдим.
                                Илгэлээх олох уута!..
                                Бааллар уолбат үрэхтэр.
                                Буруйдуом дуо эйигин
                                Арыт уолар түгэҥҥэр?

                                Буруйдуом дуо эн биэрэккин
                                Таһымнаан дьалкыйбаккар?
                                Бэйэҕин толук биэрэҕин
                                Чэлгийэр олох туһугар!










             24
   21   22   23   24   25   26   27   28   29   30   31