Page 245 - Кун кууьар хайатыттан
P. 245

М а й р а ш. Күөх хайалары хам кууһуох курдукпун диэ-
       тим. Эн миигин олох да истибэккин дни!
          3 у у р а. Истэбин, истэбин, эн туту этэҕин...
          М а й р а ш (дьоллоохтук кулэр). Дьикти дни, бүгүн хай­
       дах буолбуппун бэйэм да сөҕөбүн. (Тохтуу түһэр.) Зуура, мин
       эйиэхэ туту эрэ этиэхпин баҕарабын.
          Зуура. Тугуй?
          М а й р а ш. Олох чып кистэлэҥи. Эн кимиэхэ да кэпсээ-
       мэ. Соп?
          Зуура. Соп.
          М а й р а ш. Эйиэхэ эрэ этэбин!
          Зуура. Мин олох кимиэхэ да кэпсиэм суоҕа.
          М а й р а ш. Тылгын биэрэҕин дуо?
          Зуура. Миэхэ итэҕэйбэт буоллуҥ дуо?
          М а й р а ш. Өһүргэнимэ. Итэҕэйэн бөҕө буоллаҕа. Чэ, на-
       һаа улахан суолталаах суол, бүтүн олоҕум сонуна. һуу, сүрэ-
       ҕим олох толугуруу мөхсөр. Өйдүүгүн дуо, Арзымат миигин
       кэргэн таҕыс диэбитин? Аармыйаттан кэлбитим икки сыл
       буолла, ол тухары соҕотох сылдьабын диэн муҥатыйар.
                               Зуура саҥарбат.
          Эн билэҕин, мин туох да диэн эппиэттээбэккэ сылдьарбын.
                               Зуура саҥарбат.
          Зуура, кини үчүгэй баҕайы уол буолбаат?
          Зуура. Оннук.
          М а й р а ш. Мин олох сыыспатахпын дии? Эн кинини
       соччо сөбүлээбэккин дуу?
          Зуура. Кэбиис, үчүгэй баҕайы уол дии.
          М а й р а ш. Биһиги күһүн сыбаайбалыах буоллубут. (Дьол­
       лоохтук эргийэр.)
          Зуура. Оттон аҕалаах ийэҥ? Эн кинилэри соҕотохтуу
       хааллараҕын дуо?
          М а й р а ш (соһуйар). Хайдах соҕотохтуу? Оттон Джениш-
       бек уонна эн кинилэри кытта олоруоххут дии.
         Зуура. Мин, мин, отгон...
         М а й р а ш. Эн хайдах буоллуҥ? Саҥаас, мин диэки кор
       эрэ. Тыый, Зуура, эн тоҕо ытаатыҥ?
         Зуура. Суох, тоҕо инньэ диигин...

       16*                                                      243
   240   241   242   243   244   245   246   247   248   249   250