Page 242 - Кун кууьар хайатыттан
P. 242
Киэһэ ийэм үлэтиттэн кэлбитэ. Мин аҕабар кэһии ыып-
пыт кистэлэҥмин хайдах кэпсээн үөрдүөхпүн билбэккэ, ки-
ниэхэ тула эриллэ сырыттым. Бу кэмҥэ көрүдүөргэ элбэх атах
тыаһа иһилиннэ. Онтон биир-биир оҕонньоттор, дьахталлар
кииртэлээтилэр. Кинилэр ортолоругар били почтальон оҕон-
ньор эмиэ баар эбит. Ийэм миискэтин туппутунан дьиэ ор-
тотугар таалан туран хаалла. Киирбит дьон эмиэ, тоҕо кэл-
биттэрин умнубут курдук, саҥата суох турдулар. Арай биир
дьахтар миигин таһырдьа сиэтэн таһаарда. Сиэбиттэн лэп-
пиэскэ тооромоһун таһааран биэрдэ уонна иэдэспиттэн убу-
раан ылла. Кини сирэйэ итии уонна тоҕо эрэ сииктээх курдук
этэ. Эмискэ дьиэттэн ийэм хатан хаһыыта иһилиннэ...
Төһө эрэ хонук ааспытын кэнниттэн аны Тэмир ийэтэ
эмиэ мин ийэм курдук ыһыытаабытын истибитим.
Онтон ыла биһиги аилбыт ыалларыгар итинник ыар хаһыы
сотору-сотору иһиллэр буолбута...
Акулина Васильева тылбааһа

