Page 246 - Кун кууьар хайатыттан
P. 246
М а й р а ш. Албыннаама. Туох буоллуҥ? Урут миигиттэн
туту да кистээбэт этиҥ дии...
3 у у р а (нарыннык). Майраш, күндү киһим!
М а й р а ш. Туох диэтиҥ? Миигин ким диэтиҥ, хатылаа
эрэ.
3 у у р а. Майра-аш, күндү киһим!
Майраш (Зуураны ууруур). Өрүү ааппынан ааттыаххын
баҕарар этим. Махтал, күндү саҥаһым! Төһөлөөх көрдөһөр
этибиний, оттон эн абыычайы тутуһан, кэргэниҥ аймахтарын
ааттарын ааттаабат этиҥ. Миигин өрүү балтым да, балтым
диириҥ. Дьэ билигин мин ааппын ааттаатыҥ. Чугас дьон,
ол-бу араас дархаһыйыыта суох бэйэ-бэйэбитин кытта кэпсэ-
тиэхтээх буоллахпыт.
Зуура төттөрү хайыһар, хараҕын кистиир.
Эмиэ харах уута тохтор. Туох буоллуҥ, ыарыйдыҥ дуо?
3 у у р а. Суох, суох, ыалдьыбаппын.
Майраш. Оччоҕо тоҕо санааҥ түстэ, харах уута тохтор?
Мичээрдээ, Зуураш, эн өрүү үөрэ-көтө сылдьаргын биһиги
таптыыбыт.
3 у у р а. Оо, кыысчааныам, балтычааныам!
Майраш. Оо дьэ, эмиэ мин аатым сүттэ. Эйигинэ суох
биһиги абыычайбыт олох сүтүө этэ эбэтэр хатыа-кууруо этэ.
3 у у р а. Ол аны билигин суолтата суох.
Саҥата суох тураллар.
Майраш. Хайдах? Эн биһигиттэн баран эрэҕин дуо?
Саҥаһыҥ Бурул тылыгар киириҥниҥ дуо? Уолларын сүтэр-
бит төрөппүттэрим аһыылара ааспат, аны эн... Эн бардаххы-
на, аҕалаах ийэм хайдахтаах эрэйгэ бараллара биллибэт. Ону
өйдүөҥ этэ.
3 у у р а. Кэбиис-кэбис, инньэ эрэ диэмэ. Мин итини ис-
тэрим олус ыарахан.
Майраш. Оччоҕо тоҕо бараҕын? Ама маннык тахсан ба
ран хаалыаҥ дуо? Аҕалаах ийэбин соҕотохтуу хаалларан ба-
рыах бэйэҥ дуу?
3 у у р а. Бэйи, эн тугу этэҕиҥ?
Майраш. Аҕалаах ийэбин хаалларан барыма диибин.
Барыаҥ суоҕа этэ.
244

