Page 402 - Кун кууьар хайатыттан
P. 402
көмөр. Арай саас кэллэҕинэ тыыннаах барыта тиллэн кэлэн,
тургэнник ааһар дьыл-хонук эргиирэ барамматын туоһулуур.
...Аҕабыныын ийэбитин харайан баран сарсыныгар кини
уҥуоҕар кэлэ сылдьыбыппытын санаатым. Аҕам эмиэ мин
курдук төбөтүн умса туттан, арҕаа диэки хайыһан, соҥуо-
ран турбута. Олоҕун суолун бииргэ тэлсибит киһитин буор-
га көмөн баран, кини онно туох туһунан санаабыта буолуой!
Аҕыйах сылынан баҕардар манна кыракый сир лоскуйугар
тиксиэхтээҕин өтө көрбүтэ буолуо дуо? Эбэтэр бэйэтин, аҕа-
лаах эһэтин билигин кынатын анныгар сылдьар уолчааннара
кэлин, манна тобуктаан тураннар, кини аҕалыы кыһамньы-
тын, аҕалыы дьылҕатын, аҕалыы мындыр толкуйун харахтара
уулана саныахтарын? Ыйыппатаҕым. Ыйыппытым да буол-
лар, эппиэт биэриэ суох этэ...
Кылабыыһа кыыкынас кэлииккэтин аанын өйөөн турам-
мын боробулуоханан эрийэн сабаары турдахпына кэннибэр
киһи саҥата: «Ээй, нохоо, тохтоо эрэ, сабыма», — диэтэ.
Көрбүтүм, ыараханнык аҕылыы-аҕылыы ким эрэ халдьаайы
быарын дабайан эрэрэ. Мин биллям: Айти кырдьаҕас эбит.
Отонноох мастары үүннэрээччи Айти! Кини сиэбигэр ку-
руук минньигэс дьаабылыкалары хаалана сылдьар буолара.
Кырдьыгынан эттэххэ, олору саамай сэмэй, холку оҕолор-
го бэлэхтиирэ. Оттон мин курдук орой мэник одьунаастар
хаһан даҕаны кини илиититтэн дьаабылыка ылан сиэбэтэх-
тэрэ. Сөбүлээбэт этэ. Биһигиттэн икки-үс уолу адьас абааһы
көрөрө, уоруйахтарынан ааттыыра. Ол биһиги хоонньубутугар
толору симинэр астарбыт амтаннарынан содуобунньук биэр-
бит суос-соҕотох дьаабылыкатыгар холооно суохтара. Соннук
кини илиититтэн дьаабылыка сиэбэккэ улаатаммыт, араас
суоллары талан тарҕаспыппыт...
«Билигин даҕаны биэрэн бэрт», — диэн санаа күлүм гын-
на. Хойуу хааһыгар диэри умса ууруллубут төбөтөйдөөх. Айа-
ҕын иһигэр ыас ыстыырыттан саһаран хаалбыт алын уоһун
үрдүнэн быга сылдьар соҕотох тиистээҕэ.
— Эн ким уола буолаҕыный, тоҕо эрэ өйдөөбөппүн ээ? —
Айти оҕонньор кэлииккэ аан аттыгар туран ыйытта. — Аҕаҕар
кэллиҥ?.. — диэтэ уонна бэйэтэ бэйэтигэр хоруйдаабыттыы
кэҕис гынаат. — Ынахпын сүтэрдим. Быатыттан сиргэ батары
400

