Page 407 - Кун кууьар хайатыттан
P. 407

туналын сырдыга да киирбэт этэ. Бу үлүгэр хараҥаҕа хантан
       аһы булуохха сөбө эбитэ буолла? Аччыктаан куртаҕа курулу-
       йара, аҥаардас ас туһунан санаатаҕына айаҕа сыраанынан
       туолара. Кини ыт курдук аһы сытынан буларга холоммута. Ол
       эрээри иик хабархай сыта атыны барытын саба биэрэрэ. Ис-
       тиэнэни бигээн көрө-көрө уоруйах аҕыйах хаамыыны оҥор-
       бута, онтон эмискэ, кыратык сэгэйбит сэргэстэһэ хос ааныт-
       тан муостаҕа бэрт симик сырдык дьураа түспүтүн көрбүтэ.
       Кини чинэрис гынаат, аан хоско төннүөх курдук буолбута,
       ол кэмҥэ сырдык кэлэр хоһутган кэһиэҕирбит саҥа иһил-
      лэн куттаан өлөрө сыспыта. Ити саҥа кинини турар сиригэр
       хам хараҕалаабытыныы, таалан хаалбыта. Истиэнэҕэ сыстан,
       иһийиэҕинэн иһийэн турбута. Сүрэҕэ түөһүн иһигэр битир-
       гэччи тэппитэ, чаһы курдук биир тэҥник, наһаа күүскэ уон-
       на тыастаахтык тиҥийэрэ. Саҥа хам барбыта. Уоруйах сиби-
       лигин уот сырдыаҕа, саҥарбыт киһи хостон тахсыаҕа диэн
       күүппүтэ... Ол эрээри эмиэ кэһиэхтээх саҥа иһиллибитэ. Ити
       өйдөммөт саҥа хас биирдии дорҕооно кинини хам баттыырга
       дылыта... Хостон ким да тахсыбатаҕа, онон уоруйах сибили-
       гин тутуллар куттал суоһаабатыттан арыый холкутуйбута.
          Саҥатыттан сылыктаатахха, дьахтар кэпсэтэрэ, эбиитин
       олус кырдьаҕас быһыылааҕа. Дьиэҕэ соҕотох дьахтар, иик сы­
       та аҥылыйарыттан сэрэйдэххэ, өссө ыарыһах, кыаммат эмээх-
       син эрэ баар эбит дии санаан кини эрдийбитэ, сибилигин
       аҕай муус хомуох буолан сүрэҕин ыга аспыт купала ааспы-
       та. Атаҕын төбөтүнэн сыбдыйан, саҥа кэлэр хоһун ааныгар
       тиийбитэ. Сэрэнэн аан быыһынан хос иһин көрбүтэ. Хос
       ортотугар остуолга, битиилэ бүтэн эрэр кыраһыын лаампата
       имик-самык умайа турара. Сэрэйбитин курдук, ороҥҥо кыр-
       дьаҕыыс-кырдьаҕас эмээхсин сытара. Истиэнэҕэ кини хапта-
       ҕай быһыытын, кыракый төбөтүн күлүгэ түһэрэ. Дьиэҕэ кии-
       рээтин кытары саба биэрбит иик сыта бу хостон кэлэр эбит
       этэ. Кини сиргэнэ санаабыта.
          Эмээхсин халтаһаларын сабан хамсаабакка сытара, ол
       эрээри уоһа хамсыыра, арай түһээн саҥарара дуу, түҥ-таҥ
       баран баллыгырыыра дуу биллибэтэ... Уоруйах хос иһин сы-
       ныйан үөрэтэ туран, эмээхсин туох диэн баллыгырыырын
       истэ сатыыра. Тыынара олох мөлтөх этэ, саҥата иһиттэн тах-
                                                                405
   402   403   404   405   406   407   408   409   410   411   412