Page 24 - Дойдум Уус-Алдан Хорого
P. 24

„  ,  = = = = =   Дойдун - Уус-Алдан Хорою                 ........ —

       быысаһара. Дьоно үксэ Бурцевтар.  Күннээҕи кэпсэтиигэ кинилэри «Чараҥ Буурсаптар» биитэр
       «Куула Буурсаптар» дииллэрэ. Кинилэр Халдьаайы Бурцевтары кытта уруулуу буолбатах, туспа
       төрүттээх-уустаах дьон.  Төрүттэрэ  Сулукус  Лөгөнтөй  диэн.  Хааһы  Баһылай үйэтинээҕи  киһи.
       Аҕата кимэ билллибэт.  Кырдьаҕастар кыыс уола диэн сэрэйэллэрэ.  Сулукус Лөгөнтөй 6 уол, 3
       кыыс оҕолордооҕо үһү. Олору саастарынан наардаатахха маннык:
          1. Баһылай. Олоҕо Чараҥҥа, Буочара үрүйэтэ. Уолаттара: Бүөтүр (Бүөтүккэ), Мэхээлэ (Ханта-
       ҕар), Хабырылла, Махсыым, Миитэрэпээн (Оҕуруоччут), Дьөгүөр (Бөскө), Мэхээлэ (Даллык Лө-
       гөнтөйгэ иитиллибит).
          2. Хабырылла. Олоҕо Чараҥҥа. Уолаттара: Бохоочу Баһылай, Аҥыр Ньукулай, (Бурцев Н.Н.)
       Кычыкаа  аҕата.  Сэмэн  (Бөкчөгөр),  Быгыада Көстөкүүн.  Тайыла (Бурцев  Д.Г.).
          3.  Уйбаан  (Хатааскы).  Уолаттара:  Бүөтүр  (Чөрөөмчүк).
          4. Багдаан Сөдүөт. Оҕото суох. Семен Максимович аҕатын ииппит киһи.
          5. Ньукулай (Ньолбооруйа). Көмүс ууһа. Олорбут сирэ Нэлим үрэҕэр Дьаллы Күөл илин өттө.
       Оҕолоро Ньукулай (Конниковтарга иитиллибитэ), Арамаан (эдэригэр өлбүт).
          6.  Көөкөлөй Дьөгүөссэ.  Кинитгэн Ыстапаан (Уус Ыстапаан), Уйбаанчык.
          Сулугус Лөгчөнтэй удьуордара билигин 5-6 киһи үйэтигэр сылдьаллар. Куула Бырдьа аҕатын
       ууһугар Бурцевтары таһынан Конниковтар, Андросовтар, Тролуковтар, Ивановтар баар этилэр.


                                            Ийэ уустара
                           Хоролор төрүччүлэрэ, олорбут сирдэрэ


          Ийэ уустарынан маннык арахсаллар эбит:
          1. Айыылаах ийэтин уустара - Эбэ халдьаайытын олохтоохторо.
          2. Сулукустар ийэлэрин уустара - Куула Бурцевтар.
          3. Орлов ийэтин уустара - Илин Үрэх.
          4  Чыраанай ийэтин уустара - илин үрэх Макеевтар.
          5. Хоро аҕатын уустара - Майаҕастар.
          6. Торбос ийэтин уустара - Хатыҥ сыһыылар.
          Илин урэххэ. Үөһээ ахтыллыбыт тоҕус уоллаах Долоон эмээхсинтэн Ынырык Удугуй, Кылар
       Сааргын, Дүлүҥ Булгуй, Иһии диэн уолаттардааҕын туһунан үһүйээҥнэ кэпсэнэр. Онтон ураты
       биэс уолатгар биллибэттэр. Сүрэхтэнии кэннинээҕи кэмтэн Долоон эмээхсин сыдьаана Дьаакып
       Орловтан саҕалаан, Орловтар ийэ уустарын дьоно биллэллэр. Орлов Дьаакыптан Тыллаах Арамаан,
       Хокнордуур Өндүрэй, Бөҕү Лөкчө, Бөкчөгөр Лэпсэй, Алгый Сүөдэр төрөөбүттэр.  Арамаантан
       Уйбаан диэн оҕо төрөөн, ис дьанар ыалдьан өлбүт. Хоҥнордуутган Бөҕө Мииһэ, Өлөксөөндөрө
       төрүүллэр.  Бөөлүкчэттэн  биир  кыыс  төрөөбүт,  аата  биллибэт.  Бөкчөгөр  Лэпсэйтэн  Куугун
       Ньукулай, Буксакы Уйбаан, Алгый Сүөдэртэн оҕо суох.
          Бөһө Мииһэттэн Орлов Иван (1872 с. төрүөх), Балааҕыйа, Бараскыабыйа, Өлөксөөндөрө оҕото
       суох.  Куугун Ньукулайтан Алексей (1873  с. төрүөх), Өрүүнэ (1888 с. төрүөх), Ылдьаа (1891  с.
       төрүөх), Натаа. Буксакы Уйбаантан Мэхээлэ (1894 с. төрүөх), Ньукулай (1896 с. төрүөх), Арамаан
       эрдэ  өлбүт,  Семен эмиэ эрдэ  өлбүт.  Орловтар  Илин  Бырдьаҕа,  Мунньаахха,  Тараас  Булунар,
       Тарымнаайыга, Толооҥҥо, Хонорго олорбутгар. Сайылыктара Сылгыһыт сайылык. Маны таһынан
       Халгыыда алааска эмиэ олоро сылдьыбыттар быһыылаах.
          Гуляевтар ийэлэрин ууһа, олохторо, Нэгээтийэ, ынахсыт, Хардьамытта Саппыйа, Уулатар, Дьэҥ-
       киидэ арҕаа баһа. Дүөдэ. Дьэҥкиидэ Күөлэ уруккута Орловтар бас билиилэригэр эбит. Сайылык­
       тара Бэс-Ой. Барыллааһынынан төрүтгэрэ Гуляев Андрей-Лахаайын. Оҕолоро: Илья, Бараскыа­
       быйа, Степан, Иннокентий, Василий, Г аврил.
          Ильяттан Иван I, Иван II, Василий-Саанньа, Гаврил-Көөҕүнээн, Семен-Сөрүөнэп.
          Бараскыабыйаттан  -  Быдыл  Алексей  Макеев,  Болдьоку,  Дьэрэмэй  -  Болдьуку,  Ыстапаан  -
       Ыачах, Иван - Күүстээх, Маппый, Өлүүтэ.
          Степантан - Илья, Елизавета.


                                                   20
   19   20   21   22   23   24   25   26   27   28   29