Page 22 - Дойдум Уус-Алдан Хорого
P. 22
..................................................... Дойдум - Уус-Алдан Хорото ........ .................. .........
Уус-Алдан Хоротун былыргыта
Уус-Алдан Хоролорун туһунан В.Л.Серошевскай үлэтигэр булан ааҕыахха сөп. Онно сурул-
лубутунан, XIX үйэ бүтүүтүгэр Хоро нэһилиэгэ үс аҕа уустааҕа биллэр: Бырдьа, Хоро, Торбос
аҕатын уустара. Кэнники Бырдьа аҕатын ууһа Халдьаайы Бырдьа, Куула Бырдьа диэннэргэ
арахсыбытынан, түөрт аҕа уустаах буолбут. Улуу Хоро оҕонньортон ураты нэһилиэк бэтэрээҥҥи
соҕус төрүттэринэн ордук Тарбыах уонна Эгий диэн дьоннор ааттара биллэллэр. Нуучча кэлиэн
иннинээҕи кэмҥэ олорбут дьон буолан сурукка бары киирбиттэрэ биллибэт.
А.Д. Широких 1921 с. Хоро нэһилиэгин, Халдьаайы Бырдьа аҕатын ууһун олохтооҕо Семен
Николаевич Андросовтан «Тыгын уонна Бэрт Хара», саха уһулуччулаах учуонайа Г.В. Ксено
фонтов 1924 с. Өлтөх нэһилиэгин киһитэ М.Ф. Говоровтан «Тыгын Хоролору кыргыыта» диэн
о.д.а., үһүйээннэргэ кэпсэнэринэн, Тарбыах баай үс уоллаах, элбэх уруулаах-аймахтаах баай киһи
Мүрү иһигэр олорбут. Майгытынан сымнаҕас, дьону кытта олус иллээх эбит. Кини туһунан элбэх
үһүйээн кэпсэнэр. Онно көстөрүнэн, Тарбыах Тиис (илин тиистэрэ арыттааҕын иһин Тарбыах
Тиис диэн аат иҥэрбиттэр), Улуу Хоро оҕонньор кэнниттэн үөскээбит киһи эбит. Кини Уус-Алдан
Хоротун төрүт өбүгэлэриттэн биир саамай биллиилээхтэрэ буолар.
Биир бириэмэҕэ Тыгын Бөдьөкө Бөҕү баһылыктаах сэрииһиттэрин Байаҕантайга атаарбыт.
Тарбыах оҕонньордооҕу «Тыытаайыккытый, кини мин үтүө доҕорум» диэн сэрэппит. Ол үрдүнэн
Бөдьөкө Бөҕүтөннөн иһэн соһуччу сабатүһүүнү онорон, Тарбыах баайдааҕы кырган, малларын,
сүөһүлэрин халаан барбыттар. Тарбыах оҕонньор бэйэтэ, икки уола, дьонун үксэ өлбүттэр. Ити
алдьархайы истэн, Бэрт Хара Өлтөх, Өнөр нэһилиэгин төрдө, Өркөн Быраайы ойуун аҕата, кинилэр
Бэйдиҥэ илин өттүнээҕи хонуу ортотугар баар Садах арыы диэҥҥэ үүрэн илпит киһилэрин-сүө-
һүлэрин үгүс өтгүн төннөрбүттэр. Тарбыах ордубут дьоно салгыы үөскээбиттэр. Тарбыах баай
туһунан үһүйээн сэһэннэр сүрүн ис хоһоонноро итинник. Мантан көрдөххө, Тарбыах Тиис, Улуу
Хоро оҕонньор кэнниттэн үөскээбит. Хоро нэһилиэгин төрүт өбүгэлэриттэн биир саамай биллии
лээхтэрэ.
Эгий Тарбыах кэннинээҕи киһи. Эмиэ Мүрү иһигэр илин диэкинэн олорбут. Кыстыга - Тойон
Уйалаах тыымпы куулата. Онно билигин кэҥэс соҕус хатын чараҥ баар. Өтөх онно биллибэт.
Сайылыыр сирдэрэ Мүрү, «Орто Сурт» уонна «Икки хатыҥ арыы» диэннэр. Бу сир ханан баар
буола сылдьыбытын, кэнники кырдьаҕастар хайалара да билбэт этилэр. Оттон «Орто Сурт» биитэр
«Сыгынньах Халдьаайы анна» диэн сиргэ 1920-с сыллардаахха диэри өтөх оннун омоонноро биллэр
этилэр. Итинтэн иһирдьэ, соҕуруу диэки «Арыы Тиит» аттыгар баар, кырыһырбыт эрээри, чуол-
кайдык көстөр ураһа оннун туората биһиэхэ, уончалаах уолаттарга 11-12 ыллар хаамыы буолара.
Ити ытык миэстэлэри оччотооҕу кырдьаҕастар харыстыыр, мээнэ сылдьары, тэпсэри сөбүлээбэт,
буойар этилэр. Эгий туһунан эмиэ үһүйээн акардаах сэһэннэри, кэнники кини удьуордара хайдах
үөскээн, тэнийэн испиттэрин туһунан хас да киһиттэн, ол иһигэр 1850 сыллар саҕана төрөөбүт,
биллиилээх олоҥхоһут, сэһэнньит Митрофан Андреевич Поповтан (Мочохоос ойуун уолуттан)
1870 с. төрөөбүт 1960 с. 90 сааһыгар өлбүт Афанасий Степанович Бурцевтан сэрии кэннинээҕи
сылларга, тиһэҕэр, 1978 с. Торбос аҕатын ууһун киһитэ Николай Иванович Крыловтан (Халлаан
Ньукулайтан) Орулуоп ийэтин ууһун олохтооҕо Николай Иванович Орловтан мин суруйталаа-
бытым. Киниттэн икки кыыс оҕо төрөөбүтэ биллэр. Уол оҕолооҕо биллибэт. Мааны кыыһаЧэчир
Амма киһитигэр эргэ барбыт. Киниттэн ураты өссө кыыстаах биитэр сиэннээх эбит. Ол кыыс
аатын сэһэнньиггэр билбэттэр. «Биллибэт дьахтар», «Бүлүүгэ барбыт» дииллэр. Ол барарыгар
киниттэн уол оҕо хаалбыт, аата Кирилэ. Кини Алампа диэн соҕотох уолламмыт. Дьэ бу Алампа
Байды алааска олорон, ойууннаан оҕо кутун көрдөһөр үс хонуктаах Айыыһыт тардыһыытын
ыһыаҕын ыспыт. Ыһыах үһүс сарсыардатыгар, ойуун аар баҕах аттыгар, уоту аһата-аһата, түмүк
алгыһын эппитигэр, алаас иһигэр оҕо саҥата, кулун кистиирэ, ньирэй мэкириирэ эймэҥнэс буолбутун
мустубут дьон илэ бааччы истибиттэр үһү диэн кырдьаҕастар сэһэн номох оҥостоллор эбит. Ити
кэнниттэн сэттэ уол оҕоломмут. Сылгытын, ынаҕын төрүөҕэ бэркэ тахсыбыта, обургутук байбыта
үһү диэн элбэх үһүйээҥҥэ ахтыллар.
18

