Page 25 - Дойдум Уус-Алдан Хорого
P. 25
= = = = = = = = = = = = Хоро нэһилиэгин историята : , ........ =
Иннокентийтэн - Прокопий (Чочой уола), Василий (Уһун Баһылай), Петр, Михаил.
Андросовтар Илии Бырдьа, олохторо Унньулуйа Халдьаайыта. Оттуур сирдэрэ Табына Бул-
гунньаҕын тулата. Сайылыктара Бэс-Ой. Төрдүлэрэ Андросов Николай. Оҕолоро: Семен 1861
с.т.-Алаа, Федор-Табына. Семен-Алаа оҕолоро: Семен- тыла суох, Егор-Чымыдаал. Сементан
оҕо суох. Егортан Афанасий-Окооку, Мааппа-От атах, Бүөтүр-Татаар, Балбаара.
Федор оҕолоро: Николай- Уоһасуох, Иван-Дьырбайбыт, Семен-Агдаакы. Уоһасуохтан: Егор-
Фельдшер, Николай-Чаарыас. Иваннаах Сементан оҕо суох, сэриигэ өлбүттэрэ.
Макеевтар. Чыраанай ийэтин уустара. Илин Бырдьалар. Олохторо Чыраанай Уһун-Күөлэ, Куо-
ҕастаах салаалара, Кута, Үөстээх, Ньэмийээн сирэ, Малбаарыкы, сайылыктара Баттымаайы. То-
рүттэрэ - Миитэрэй Макеев. Оҕолоро: Дьэкиим, Андрей. Дьэкиимтэн: Миитэрэй, Борпуокай, Лэгиэн-
тэй төрөөбүтгэрэ. Миитэрэйтэн Сүөдэр, Иннокентий I, Иннокентий II .Борпуокай Семен-Суоттукаан
диэн соҕотох уолламмыт.
Иннокентий Мэхээчэ диэн уолламмыта, ойох ылбакка ситэн баран ыалдьан өлбүт.
2-с уола Андрейтан: Александра, Степанида, Евсей, Михаил, Сүөдэр.
Евсейтан - Степан соҕотох оҕо төрөөбүт. Степантан Баскыа, Дэҥнэ, Маайа, Борпуокай диэн
оҕолор төрөөбүттэр. Олортон Баскыалара хас да оҕолооҕо үһү, онтон уратыларга оҕолоро суохтар.
Мэхээлэттэн Бараскыабыйа-Быдылы (Күүлэйэптэр кыыстарын) ылан, Алексейы, Степаны, Мап-
пыйы, Өлүүтэни, Уйбааны I, Иван II төрөтөр.
Сүөдэр Бүөтүр Ньукулай диэн икки уолламмыт. Бүөтүрэ оҕото суох. Ол оннугар сүүсчэкэ
сүөһүлэммит. Ньукулай Аргылла Мэхээлэ эдьиийин ойох ылан, Мааппа, Хах Баһылай, Хойутаанап
Семен, Дэбдэ, Куобах Лэгиэнтэй диэн оҕоломмуттара.
Макеевтартан ураты ити ийэ ууһугар Бурцевтар диэн олорбуттар. Кинилэр төрүттэрэ Буурсап
Баккыам диэн. Аҕатын аата биллибэт. Бакккыамтан Доропуун төрөөбүт. Доропуунтан Омуос,
Анонтий, Сүөдэр, Миитэрэй, Мааппа төрөөбүттэр.
Амостан Багыыр Охонооһой, Ньэмиит Көстөкүүн, Омчуука Дьэрэмэй төрөөбүттэр.
Ньэмиит Көстөкүүн үс кыыстаах. Улахан кыыһа оҕото суох. Орто кыыһа Макеев Степаҥҥа
кэргэн тахсан Охонооһой, Елена, Илья, Костя диэн оҕолордоох. Кыра кыыһа Маайа Платонов
Иван диэн оҕоломмута. Аҕалара (Тиирбэ Уйбаан)- Байаҕантай.
Омчуука Дьэрэмэйтэн: Балбаара, Александра, Тыла суох уола. Багыыр Охонооһой туран баран
кыыл барбыт. Чыраанайга эргиллибэтэх.
Өссө Чыраанай ийэтин ууһугар киирэр Поповтар диэннэр бааллара. Олохторо Мэһэй Алааһа,
Ньэмийээн сирин Малбаарыкыта. Сайылыктара Макеевтары, Орловтары кытта.
1780 сыл диэки Боппуок Лэгиэнтэй Алексеевич диэн киһи төрөөбүт. Киниттэн Сүөдэр диэн
төрөөбүт. Сүөдэртэн Андрей I, Андрей И-с, Сөдүөт диэн оҕолор төрөөбүттэр.
Андрей улаатан баран Мочохоос диэн ойуун буолбут. Киниттэн Митрофан диэн (Мочохоос
уола) төрөөбүт. Андрей Н-с Мычаҥныыр диэн сүдү ойуун буолбут. Кини Уйбаан уонна Маайа
диэн оҕоломмут.
Уйбаан - Өгдүүчээн уола. Кини Бүөтүр уонна Захар диэн уолаттара армияҕа арҕаа фроҥна
баран сэриигэ сураҕа суох сүппүтгэрэ. Бүөтүр биир Анна диэн кыыстааҕа Тандаҕа элбэх оҕолонон
олорбута. Маайа эмиэ Тандаҕа Посельскай Николай диэн киһиэхэ кэргэн тахсыбыт. Онтон 5-тэ
оҕоломмут. Үс оҕо кыраларыгар өлбүттэр. Иккис оҕонньоро Партизан Егоров. Онтон биир кыыс
таах - Абрамова Елизавета Евсеевна диэн. Гаврил Васильевичтыын сыл аҥара эрэ олорбуттар.
Лрахсыбыттар. Үһүс кэргэнэ Абрамов Евсей Трофимович диэн. Онтон Абрамова Мария Евсеевна
ДИЭН биир кыыстаах. Тандаҕа олорор. Мария Евсеевна уоллаах кыыс оҕолоох. Уола Готовцев
Иван Николаевич, Бороҕоҥҥо олорор, подстанцияҕа үлэлиир. Кыыс Якушева Любовь Николаевна
Дьокуускайга олорор, Эргиэн дьиэтигэр кассир, кэргэнй'ээх.
Боппуок Түмээс ким уола буолара биллибэт. Түмээс Мэһэй алааһыгар олорбут. Кини үс уоллаах,
биир кыыстаах эбит. Онтон Түмээс икки уолунаан, биир кыыһынаан буоспа ыарыытыгар ыалдьан
йлбүттор. Соҕотох Лаврентий эрэ ордон хаалбыт. Кинини Мэһэй диэн хос ааттаабыттар. Мэһэй
Лйиронтийтан: Дьөттөмө Дьөгүөр, Боропуокай, Екатерина төрөөбүттэр.
Дьотгоме Дьөгүөртэн Кэлэҕэй Лэгиэнтэй, Бачараал Көстөкүүн, Матырыана, Балааҕыйа то-
27

