Page 222 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 222
Курбуһахтар уДа дойду көмускэлигэр
ПЕСТРЯКОВА ХОВРОВА МАРИЯ ДМИТРИЕВНА
(1916-1995)
1916 сыллаахха I Курбуһах нэһилиэгэр Ньүөкү-
нүгэ төрөөбүт. Сааһын тухары ыанньыксытынан,
от-бурдук үлэтигэр үлэлээбит. Сут саҕана Намҥа
көһөн сүөһү көрбүт.
1944 сыллаахха Алдаҥҥа мае үлэтигэр сылдьы-
быт. Онтон кэлэн эмиэ сүөһү көрүүтүгэр үлэлээн
пенсияҕа тахсыбыт. Сэрии бэтэрээнэ Пестряков
Спиридон Афанасьевичка кэргэн тахсан Уус Күө-
лүгэр олорбуттара. Кэргэнэ өлбүтүн кэннэ Окое-
мовкаҕа убайыгар Ховров Иван Дмитриевичка кө-
һөн киирэн сүөһү көрсөн, бииргэ өйөнсөн олорбут
тара. Биир уоллаах, сиэннэрдээх.
Ховров, И. Р. Ньүөкүнүлэр, Моххолор түмсэн / И. Р. Ховров, Д. И. Пухов, — Дьокуус-
кай, 2005,— С. 69.
УШНИЦКАЯ ОЛЬГА МАТВЕЕВНА
(1916-1979)
1916 сыллаахха I Курбуһах нэһилиэгэр Ньүөкү-
нүгэ Матвей уонна Софья Ушницкайдарга тороо
бут. Уойка үөрэҕэ суох буолан сүөһү үлэтиттэн
илиитин араарбакка үлэлээбит. Сэрии саҕаланыы-
тыгар «Ньүөкүнү» холкуоска бэрэссэдээтэлинэн
үлэлии сылдьар убайа Иван Матвеевич Ушницкай
1942 сыллаахха сэриигэ ыҥырыллан барбытын сол-
буйан холкуос бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сырыт-
таҕына үлэ фронугар ыыталлар. Холкуос бэрэссэ
дээтэлинэн Ховров Иван Иванович I үлэлии хаалар.
Икки сыл буолан баран Уойка үлэ фронуттан
кэлбитэ. Аҕалара Маппый ыарытыган да буоллар мае, тимир ууһа, булчут,
балыксыт буолан оҕолорун, бүтүн биригээдэ дьонун хоргуйартан өрүһүй-
бүт. Уойка пенсияҕа тахсыар диэри холкуос, сопхуос араас үлэтигэр, сүөһү
көрүүтүгэр үтүө суобастаахтык, кыһамньылаахтык үлэлээбит. Кэргэн тах-
сыбатах, инньэ гынан оҕо-уруу суох киниттэн.
204

