Page 218 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 218

Курбуһахтар ^А.щ дойду колщскэлигэр

           КЫАИЫЫ!
                               ИВАНОВ ИННОКЕНТИЙ ПЕТРОВИЧ
                                               (1919-1990)
                                          1919 сыллаахха I Курбуһах нэһилиэгэр Дьаа-
                                       рыҥҥа Манчаарылаах алааска Бүөтүр уонна Даа-
                                       рыйа Уйбаныаптарга үһүс оҕонон төрөөбүт. Аҕа
                                      дойду Улуу сэриитигэр «Коммунизм» холкуостан
                                       Местников Петр Иннокентьевичтыын 1943 сыл­
                                      лаахха ыҥырыллан Бурятияҕа барбыт. Монголият-
                                       тан дьиикэй сылгылары үүрэн киллэрэн айааһаан,
                                       арҕаа фроҥҥа ыыталлара. Сылгыһытынан үлэлээ-
                                       бит буолан, сылгыга сыһыамах эбит. Кини манна
                                       старшайынан сылдьыбыт. Дьиикэй сылгыны айаа-
                                       һыы сылдьан, аттан сууллан, күүскэ эчэйэн, госпи-
               тальга эмтэнэн баран, комиссияланан дойдутугар эргиллэн кэлбит.
                  Дойдутугар кэлэн кыладыапсыгынан, биригэдьииринэн, сылгыһыты-
               нан үлэлээбит. Сцена бэтэрээнэ, бэйэтин кыанар, ыллаабыт-туойбут сэргэх
               киһи этэ.
                  1956 сыллаахха Аммосова Февронья Иннокентьевналыын ыал буолан
               4 оҕону төрөтөн, элбэх сиэннээхтэр, хос сиэннээхтэр.



                             КУРИЛКИНА МАРИЯ ПОНИФАТЬЕВНА
                                               (1929-1963)
                                          1929 сыллаахха төрөөбүт, I Курбуһах нэһилиэ-
                                       гэр Ньүөкүнүгэ Пестряков Понифатий Прокопье­
                                       вич дьиэ кэргэнигэр иитиллибит. 20 хонуктаах Маа-
                                       Йаны эдьиийэ Оппуруостан ылан ииппиттэр. Ийэ-
                                      лэрэ эрдэ өлбүт.
                                          18 сааһын туолаат Мохсоҕоллооххо үлэ фрону-
                                       гар биир сыл үлэлээбит. Дойдутугар кэлэн «Ньүөкү-
                                       нү» холкуоска өр сылларга ыанньыксыттаабыт,
                                       «1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кил-
                                       биэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн наҕараадалам-
                                       мыт.
                  Маайа сымнаҕас, элэккэй майгылаах, түргэн туттуулаах эбит. Бииргэ
               төрөөбүт быраата Пестряков Сергей (Сууна) Өлүөхүмэтээҕи тыа хаһаайыс-
               тыбатын техникумун бүтэрэн, Курбуһахха өр сылларга электриктээбит.

               200
   213   214   215   216   217   218   219   220   221   222   223