Page 223 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 223

клшл. да уллнуллубат, туох. да уллнуллубат!

                                                                                  КЫАЙЫЫ!
                Ховров, И. Р. Ньүөкүнүлэр, Моххолор түмсэн / И. Р. Ховров, Д. И. Пухов. — Дьокуус-
                кай, 2005. — С. 86.


                 УШНИЦКАЯ-ХОВРОВА АНАСТАСИЯ ДМИТРИЕВНА
                                          (1920-1994)

              I Курбуһах нэһилиэгэр Моххо үрэҕэр Ойуун Күө-
          лэ диэн сиргэ Евдокия Даниловна уонна Дмитрий
          Абрамович Ховровтар мал буолан олорон 21 оҕону
          төрөппүттэр. Оччотооҕу аас-туор олохтон тоҕус эрэ
          оҕону икки уолу, сэттэ кыыһы илиилэригэр тутан хаал-               4
          быттар. Кинилэр бэһис оҕолоро Анастасия 1920 сыл
          от ыйын 1 күнүгэр төрөөбүт. Анастасия биир кылаас
          үөрэхтээх дьонугар көмөлөһөн балыстарын иитиһээри
          салгыы үөрэммэтэх. Үлэ бары ыарахаттарын эдэркээн
          санныгар сүкпүт. Сэрии иннинэ «Ньүөкүнү» холкуос-
          ка сүөһү көрөн, от-бурдук үлэтигэр төһүү үлэһит буолбут.
              Анастасия Дмитриевна 1942 сыллаахха Киренскэйгэ мае уһаарыытыгар
          үлэлээбит. Дьоно хоргуйан, быстаран олордохторуна, үлэ фронуттан кэлэн
          куйуурдаан үрүҥ тыыннарын өрүһүйбүт. Сэрии кэнниттэн ыанньыксы-
          тынан үлэлээбит. От-мас таһыытыгар эр киһилии үлэлиир.
              1946 сыллаахха «1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэн-
          нээх үлэтин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыт.
              1945  сыллаахха сэрииттэн эргиллэн кэлбит сэрии II группалаах инбэ-
          лиитэ Николай Иннокентьевич Ушницкайга кэргэн тахсан элбэх оҕону
          төрөтөн, сиэн оҕолору оҕолоһон бу орто дойдуттан 1994 сыллаахха бар-
          быта. Билигин кини аатын оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ ааттаталлар,
          салгыыллар, үйэтитэллэр.

                Аммосов, П. Курбуһахтар : Ол быдан дьыллартан күн бүгүнүгэр диэри. — Дьокуус-
                кай, 2003, — С. 91.














                                                                                   205
   218   219   220   221   222   223   224   225   226   227   228