Page 220 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 220

Курбуһахтар Аҕа дойду көмүскэлигэр




                              ОКОЕМОВА АННА ИННОКЕНТЬЕВНА
                                               (1926-1996)
                                          1926 сыллаахха II Курбуһах нэһилиэгэр Өтөх
                                      диэн сиргэ Окоемов Иннокентий Константинович
                                      уонна Аммосова Елизавета Егоровна дьиэ кэргэн-
                                      нэригэр төрөөбүт. Алта бииргэ төрөөбүттэн үс оҕо
                                      кыраларыгар өлбүттэр. Ийэлэрэ эрдэ өлөн, ыал
                                      улахан оҕото буолан, кырдьаҕас эбэтигэр Мааппаҕа
                                      (Хороллоон) илии-атах буола улааппыт.
                                          Оскуолаҕа үөрэнэ киирэн баран ыалдьан сыл
                                      аҥаара үөрэнэн баран уурайарга тиийбит. Онтон ыла-
                                      та уончалааҕыттан холкуос үлэһитэ буолбут. Сэрии,
                                      уот-кураан, аччыктааһын сылларыгар кини биир бас-
               тыҥ үлэһит буолбут. Ол курдук «Бүтэйдээх» холкуоска, оройуон тэрилтэлэ-
               ригэр оттук маһы бэлэмнээһиҥҥэ сыыппара кэлэрэ. Бүтэйдээхтэн Мүрүгэ
               оҕуһунан киирэн тыаттан мас кэрдэн, эрбээн, саһааннаан туттараллара.
                  1943  сыллаахха үлэ фронугар барар бэбиэскэ тутан борохуоттан таһаҕас
               сүөкээһинигэр уонна тиэйиигэ эр дьону кытта тэҥҥэ үлэлэспит. Нам оро-
               йуонугар баран от үлэтигэр үлэлээбит. От үлэтин кэнниттэн Даркылаахха
               кэлэн борохуокка таһаҕас таһыытыгар үлэлээн алтынньы бүтүүтүгэр хаар
               түһэ турдаҕына дойдуларыгар кэлбиттэр.
                  Сэрии кэнниттэн фермаҕа үүт астааччынан, Уус Күөлүгэр оскуолаҕа,
               детсакка, балыыһаҕа поварынан үлэлээбит. «1941-1945 сс. Аҕа дойду сэ-
               риитигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыт.

                    Хамыдаллар : (ахтыылар). — Дьокуускай, 2013.— С. 130.





















               202
   215   216   217   218   219   220   221   222   223   224   225