Page 219 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 219
Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!
Маайа Нэлим олохтооҕор Курилкин В. В. кэргэн тахсан, уолламмыттар.
Кэргэнэ Василий өлбүтүгэр иккистээн 1959 сыллаахха Местников Р. Н.
кэргэн тахсан, үс оҕоломмуттар.
Мария Понифатьевна олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ сал-
гыыллар.
Ховров, И. Р. Ньүөкүнүлэр, Моххолор түмсэн / И.Р. Ховров, Д. И. Пухов. — Дьокуус-
кай, 2005.— C. 86.
ОКОЕМОВ МИХАИЛ АЛЕКСАНДРОВИЧ
(1895-1977)
1895 сыллаахха I Курбуһах нэһилиэгэр Кулады
үрэҕин Кэрэхтээҕэр тоҕус оҕолоох Александр Си
дорович уонна Анна Михайловна Окоемовтар дьиэ
кэргэннэригэр төрөөбүт. Бастакы холбоһуктааһын-
нары өйөөн, сүөһүтүн-сылгытын холбоон холкуос-
ка киирбит.
1926 сыллаахха нэһилиэк сыыппаратын толоро
Бодойбоҕо кыһыл көмүс хостооһунугар икки сыл
үлэлээн кэлбит. Сэрии иннинэ Покровскайга кир-
пииччэ собуотугар үлэлээбит. Ханнык баҕарар үлэ-
ҕэ эрчимнээх, бэйэтин кыанар, тэтиэнэх Михаил
хаста да Ааллаах Үүҥҥэ, Охотскай Перевозка таһаҕас таһыытыгар сыл-
дьыбыт.
Михаил Александрович олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ сал-
гыыллар.
Окоемов, Н. Ытык сааһым ахтыылара / Николай Окоемов.— Дьокуускай, 2015.—
С. 124.
201

