Page 26 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 26
Курбуһахтар Аҕа дойду көмүскэлигэр
АММОСОВ ИВАН ВАСИЛЬЕВИЧ I
(1915-1980)
1915 сыллаахха I Курбуһах нэһилиэгэр Ханда-
рыкы алааска Василий Иванович уонна Акулина
Васильевна Аммосовтар дьиэ кэргэннэригэр төрөө-
бүт. Курбуһах начальнай оскуолатын үөрэнэн бү-
тэрэн, сэрии буолуор диэри «Кыһыл хардыы» хол-
куоска үлэлээбит.
1942 сыл ахсынньы ыйыгар Чурапчы оройуонун
байыаннай комиссариатынан сэриигэ ыҥырыллы-
быт, байыаннай үөрэҕи маҥнай Свердловскайга,
онтон Челябинскайга барбыт. 1943 сыл ыам ыйыгар
Орел куорат таһыгар аан маҥнай сэриигэ киирбит.
I Украинскай, II Белорусскай фроннар састааптарыгар киирсэн, рядовой
саллаат быһыытынан Украинаны, Белоруссияны, Румынияны, Чехослова-
кияны босхолоспут. Билиэн түбэһэ сылдьыбыт.
Прага куорат чугаһыгар, Висла өрүс таһынааҕы кыргыһыыга илиити-
гэр таптаран, Калинин куоракка биэс ый эмтэммит. Кыайыыны Германия
чугаһыгар көрсүбүт. Германия территориятыгар үлэлээн баран 1946 сыл-
лаахха демобилизацияланан Хоро нэһилиэгэр олорор Өкүлүүнэ диэн ула-
хан эдьиийигэр кэлбит.
Аармыйаттан кэлээт оройуоннааҕы суол тутуутугар үлэлээбит. Салгыы
тутуу биригээдэтигэр үлэлээбит, хотоннору, олорор дьиэлэри тутуспут.
1966 сыллаахха «Межколхоз» иһинэн Майаҕаска о скуол а тутуутугар бири-
гэдьиирдээбит. Кэргэн ылан, Майаҕаска олохсубут.
«Бойобуой үтүөлэрин иһин», «Германияны кыайыы иһин» мэтээллэ-
ринэн наҕараадаламмыт.
1980 сыллаахха хорсун буойун сүрэҕэ тэппэт буолбут. Кини олоҕун
төрөппүт оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыллар.
Уус-Алданнар Аҕа дойду көмүскэлигэр.— 3 ч.— Бороҕон, 2012. — С. 305.
***
Пухова, А. Саха саллаата Уйбаан бойобуой суола / Айталана Пухова // Мүрү са-
һарҕата.— 2019.— Ыам ыйын 17 к. — С. 10.
24

