Page 24 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 24

1



                      Курбуһахтар pfya дойду көмускэлигэр

           КЫАЙЫЫ!
                               АММОСОВ ДМИТРИЙ ФЕДОРОВИЧ
                                               (1917-2007)

                                          1917 сыл атырдьах ыйын 11 күнүгэр II Курбуһах
                                      нэһилиэгэр Федор Васильевич уонна Гликорья Ам-
                                      мосовтар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүт.
                                          1932 сылтан «Дулҕалаах» холкуоска оҕус сиэ-
                                      тээччинэн, от мунньааччынан үлэтин саҕалаабыт.
                                       1937 сыллаахха Курбуһах оскуолатын 5 кылааһын
                                      үөрэнэн бүтэрбит. Бу сыл кинини Сталин аатынан
                                      холкуоска ферма сэбиэдиссэйин анаабыттар, комсо­
                                      мол кэккэтигэр чилиэнинэн киирбит.
                                          1941  сыл от ыйын 31 күнүгэр Чурапчы оройу-
                                      онун байыаннай комиссариатынан ыҥырыллан сэ-
                                      риигэ барбыт. Бу Уус Алдаҥҥа маҥнайгы хомуур
               этэ, оройуонтан барыта 37 буолан сэриигэ барбыттар. 96-с стрелковай пол-
               каҕа үөрэнэн младшай хамандыыр буолан, фроҥҥа барбыт, 5-с, 15-с армия-
               ларга сэриилэспит.
                  1941 с. Москва арҕаа өттүгэр Калинин куорат таһынан сэриилэспит.
               1942 сыл кулун тутар ыйыгар Старай Русса таһыгар сэриилэһэ сылдьан
               атаҕар бааһыран, 2 ый госпитальга эмтэммит. Рамужево дэриэбинэ таһыгар
               2-с стрелковай рота 48-с биригээдигэр сэриилэспит. 1942 сыл ыам ыйын
               8 күнүгэр илиитигэр ыараханнык бааһыран Ярославль, Казань, кэнники
               Красноярскай куораттарга эмтэммит. 1943 сыллаахха II группалаах инбэ-
               лиит буолан дойдутугар төннүбүт.
                  Сэрииттэн кэлээт үлэ үөһүгэр түспүт. Радиокомитет уполномоченнайы-
               нан, райкомол II сэкирэтээринэн 1947 сылга диэри үлэлээбит. 1944 сыл-
               лаахтан партия чилиэнэ.
                  Төрөөбүт нэһилиэгэр дьону кытта үлэҕэ, салайар-тэрийэр үлэҕэ 57 сыл
               үлэлээбит: Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн 15 сыл, холкуос бэрэссэдээтэлинэн,
               отделение управляющайынан, биригэдьииринэн, ферма сэбиэдиссэйинэн
               42 сыл устата үлэлээбит. Пенсияҕа тахсан баран 12 сыл устата сопхуоска
               кадровай булчутунан үлэлээбит.
                  Ленин, Кыһыл Сулус, Аҕа дойду сэриитин I истиэпэннээх уордьанна-
               рын кавалера, «Германияны кыайыы иһин», «1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу
               сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин» уонна Кыайыы үбүлүөйүнэй мэтээл-
               лэринэн наҕараадаламмыта.
                  Кэргэнэ Пелагея Михайловналыын үйэ аҥарыттан ордук бииргэ оло-
               22
   19   20   21   22   23   24   25   26   27   28   29