Page 22 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 22
typ6yhaxmap ?4%а дойду көмускэлагэр
КЫДИЫЫ!
отделениетыгар үөрэнэн, идэ ылан, 1967 сылга диэри «Лена» сопхуоска
буҕаалтырынан үлэлээбит. Онтон кэлин сопхуос тутууларыгар маастары-
нан, болуотунньугунан үлэлээбит.
Киһи быһыытынан олус сэмэй, аҕыйах саҥалаах, сүрдээх көнө майгы-
лаах үһү. Нэһилиэккэ элбэх ыалга дьиэ тутуспут үтүө өҥөлөөх.
Аҕа дойду сэриитин II истиэпэннээх уордьанынан, «Японияны кыайыы
иһин», юбилейнай мэтээллэринэн, үлэлээбит насполарын, холкуостар, соп-
хуостар салалталарын хайҕал грамоталарынан наҕараадаламмыт.
Кэргэннэнэн 1 уол, 2 кыыс оҕоломмут, элбэх сиэннээх уонна хос сиэн-
нээх. 1989 сыл от ыйыгар сүрэҕинэн ыалдьан өлбүт.
Күннэтэ ахсаабакка кыһаллан...: (ыйынньык) : [Курбуһах орто интернат-оскуо-
латын техническэй үлэһиттэрэ]. — Уус Күөлэ, 2012. —С. 15.
* * *
Антонова, А. Убайым туһанан / Анна Антонова Ц Мүрү саһарҕата,— 2005,— Кулун
тутар 3 к.
АММОСОВ ДМИТРИЙ ВАСИЛЬЕВИЧ
(1919-1943)
1919 сыллаахха II Курбуһах нэһилиэгэр Толоон
Эбэҕэ Василий Павлович уонна Матрена Дмитриев
на Аммосовтар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүт. Танда
оскуолатын бүтэрбит. 1939-1940 сылларга «Толоон
Эбэ» холкуоска бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит.
Дмитрий Васильевич 1942 сыл бэс ыйын 26 кү-
нүгэр Чурапчы оройуонун байыаннай комиссариа-
тынан ыҥырыллан убайынаан Баһылайдыын II Кур-
буһахтан сэриигэ барбыттара. Сэрии иннинэ быраа-
та Курбуһах нэһилиэгин «Толоон Эбэ» холкуоһун
бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит, 23 саастаах, дьиэ-уот
тэринэ илик эдэр киһи эбит.
Челябинскай куорат таһыгар байыаннай үөрэҕи барбыт, автоматчик
ид этин ылбыт. Күөгэйэр күнүгэр сылдьар эдэр киһи 1943 сыллаахха алтын-
ньыга сырдык тыынын көҥүл олох иһин охсуһуу толооҥугар толук уурбут.
Миитэрэй өлбүтүн туһунан 1943 сыллаахха алтынньы ыйга дьонугар бил-
лэрии кэлбит. Көмүллүбүт сирэ биллибэт.
20

