Page 27 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 27

Ким да умнуллубат, туох. да умнуллубат!


                                                                                  КЫАИЫЫ!
                           АММОСОВ ИВАН ВАСИЛЬЕВИЧ II
                                          (1918-1942)

              1918 сыллаахха I Курбуһах нэһилиэгэр Василий Иванович уонна Аку­
          лина Васильевна Аммосовтар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүт. 7 кылааһы Уус
          Күөлүгэр оскуолатыгар бүтэрбит. Сэрии иннинэ «Кыһыл хардыы» холкуос-
          ка үлэлээбит.
              1942 сыл балаҕан ыйын 29 күнүгэр Чурапчы оройуонун байыаннай ко-
          миссариатынан ыҥырыллан сэриигэ барбыт. Бу сыл сэтинньи 26 күнүгэр
          сэриилэһэ сылдьан охтубут. Көмүллүбүт сирэ Смоленскай уобалас Бель-
          скэй оройуона Симоновка дэриэбинэтэ.

                Уоттаах сэрии сылларыгар / Уус Алдан улууһун дьаһалтата,— Бороҕон, 1995.—
                С. 43.


                              АММОСОВ ИВАН ЕГОРОВИЧ
                                          (1920-1944)

              1920 сыллаахха II Курбуһах нэһилиэгэр Егор
          Петрович Аммосов уонна Егорова Христина Нико­
          лаевна дьиэ кэргэннэригэр үһүс оҕонон төрөөбүт.
              1939 сыллаахха Курбуһах оскуолатын 7 кылаа-
          һын ударнигынан бүтэрбит. Кинигэ ааҕарын сөбү-
          лүүр, аахпытын дьоҥҥо кэпсии-ипсии сылдьар сүр-
          дээх элэккэй оҕо эбитэ үһү. Оскуолаҕа үөрэнэ сыл­
          дьан хоһоон суруйбута истиэнэ хаһыатыгар уонна
          ыйга биирдэ тахсар илиинэн суруллар сурунаалга
          бэчээттэммит. Бастакы хоһооно «Бассабыыктыы тэ-
          рийээччи» хаһыакка бэчээттэммитин дойдутун дьо-
          но олус сэргээбиттэр, хайҕаабыттар.
              Оскуоланы бүтэрэн баран Дьокуускайдааҕы культпросвет оскуолаҕа
          үөрэнэ киирбит уонна 1942 сыллаахха үөрэнэн бүтэрбит. Бу сыл Чурапчы
          оройуонун байыаннай комиссариатынан ыҥырыллан сэриигэ барбыт. Кы-
          һын Москва таһыгар тиийдим диэн суруйбута үһү. 1944 сыл ыам ыйыгар
          сэриилэһэ сылдьан өлбүт. Ханна көмүллүбүтэ биллибэт.

                Костромина Е. И. Толоон Эбэ / Костромина Е. И, —Дьокуускай, 2010,— С. 22.



                                                                                     25
   22   23   24   25   26   27   28   29   30   31   32