Page 48 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 48
Курбуһахтар дойдд көмускэлигэр
АММОСОВ СЕМЕН МИХАЙЛОВИЧ
(1903-1975)
1903 сыллаахха I Курбуһах нэһилиэгэр Нэлэгэр
халдьаайытыгар баар Улахан Алааска Михаил Пет
рович уонна Марина Никитична Аммосовтар дьиэ
кэргэннэригэр төрөөбүт. Нэһилиэккэ сэбиэскэй бы-
лааһы олохтооһун көхтөөх кыттыылааҕа. Икки Кур-
буһаҕы холбоон 1931 сыллаахха маҥнайгы партий-
най тэрилтэни тэрийбит уонна хас да сыл бэйэтэ
сэкирэтээринэн үлэлээбит. I Курбуһахха бастакы
тыа хаһаайыстыбатын кредитнэй табаарыстыба бы-
рабылыанньатын бэрэссэдээтэлинэн, I Курбуһах,
Өнөр нэһилиэктэригэр 7 сыл Сэбиэт бэрэссэдээтэ
линэн, 5 сыл Бороҕоҥҥо остолобуой сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит.
Ол үлэлии олорон 1943 сыл сайын сэриигэ ыҥырыллыбыт уонна бааһы-
ран 1944 сыл күһүн аармыйаттан эргиллэн кэлбит. Кэлээт райпотребсоюз
кэтэх хаһаайыстыбатыгар 6 сыл дириэктэринэн, пенсияҕа тахсан баран на-
логовай агенынан үлэлээбит. Окоемовка биригээдэтигэр партийнай груп-
паны салайбыт, фермаҕа политическай тэрийээччинэн сылдьыбыт. Сүүрүк
аттары баайыынан, муҥханан дьарыктаммыт.
1965 сыллаахха «Курбуһах нэһилиэгин бочуоттаах гражданина» аат
иҥэриллибит. 1975 сыллаахха ыалдьан өлбүт.
Аммосов, П. Курбуһахтар : Ол быдан дьыллартан күн бүгүнүгэр диэри / Петр Ам
мосов. — Дьокуускай, 2003. — С. 158.
46

