Page 43 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 43

'■А

                                    Ким да умнуллубат, туох. да умнуллубат!


                                                                                  КЫАЙЫЫ!
          тыы көмүүгэ тиийэн сүгүрүйэн, сибэкки дьөрбөтүн ууран кэлбиттэр. Хор-
          сун буойун олоҕун элбэх сиэннэрэ уонна хос сиэннэрэ салгыыллар.

                Аммосов, П. Бар дьон сүрэҕэр тыыннаах / Петр Аммосов // Мүрү саһарҕата.—
                2000,— Муус устар 25-29 к.
                Крылова, К. Саллаат көмүс уҥуоҕар сүгүрүйэ / Ксенья Крылова // Мүрү саһарҕа-
                та,— 2011,— Муус устар 20 к.



                        АММОСОВ НИКОЛАЙ МИХАЙЛОВИЧ II
                                          (1919-1943)
              1919  сыллаахха II Курбуһах нэһилиэгэр төрөө-
          бүт. Аҕата Аммосов Михаил Еремеевич 1960 сыл­
          лаахха 104 сааһыгар өлбүт. Уолун хара өлүөр диэри
          уоһуттан түһэрбэккэ аһыйан ахтара үһү. Ийэтэ Чу-
          рапчы Сылаҥын Ноговицыннар кыыстара.
              «Кини гармошкаҕа наһаа үчүгэйдик оонньуура.
          Оччотооҕу кэмҥэ, уһук сиргэ, балалаайка эбэтэр
          гармошка биир эмэ баар буолара. Биһиги, оҕолор,
          кини гармошкаҕа оонньуурун, гармошка тыаһын
          олус сэргээн истэрбит», — диэн ахтар үлэ, тыыл ве­
          терана Гаврил Гаврильевич Васильев.
              Николай Михайлович сэрии иннинэ Сталин аатынан холкуоска суотчу-
          тунан үлэлээбит.
              Сэриигэ 1942 сыл атырдьах ыйын 2 күнүгэр Нам оройуонун байыаннай
          комиссариатынан ыҥырыллан барбыт. Арҕаантгы фронтга сэриилэспит.
          Хорсуннук сэриилэһэ сылдьан 1943 сыл бэс ыйыгар сэрии хонуутугар ох-
          тубут.
              Көмүллүбүт сирэ биллибэт. Ыал буолбакка сылдьан сэриигэ барбыт.


                Иккис Курбуһах Сталин холкуоһа Кыайыы туһугар. — Дьокуускай, 2007,— С. 22.
                Костромина Е. И. Толоон Эбэ / Костромина Е. И, — Дьокуускай, 2010,— С. 22.












                                                                                    41
   38   39   40   41   42   43   44   45   46   47   48