Page 60 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 60

Курбуһахтар Аҕа дойду көмүскэлигэр




                  Саха хорсун саллаатын олоҕун соҕотох уола Бурнашев Василий Егоро­
               вич оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыллар.

                    Костромина Е. И. Толоон Эбэ / Костромина Е. И. — Дьокуускай, 2010. — С. 28.




                                   БУРНАШЕВ ЕГОР ПЕТРОВИЧ
                                               (1921-1943)

                                          1921 сыллаахха II Курбуһах нэһилиэгэр Петр
                                       Васильевич уонна Матрена Николаевна Бурнашев-
                                      тар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүт.
                                          Танда оскуолатыгар үөрэнэн 7 кылааһы бүтэр-
                                      бит. Оҕо эрдэҕиттэн мындыр буолан маһынан да,
                                      тимиринэн да үчүгэйдик уһанар дьоҕурдаах, булчут
                                      этэ диэн биир саастыылаахтара, кырдьаҕастар, ах-
                                      таллар.
                                          Күлэ-үөрэ сылдьар, сытыы-хотуу майгылаах, са-
                                      ҥа олоҕу кытта тэҥҥэ сайдыһан испит биир бас-
                                      тыҥ ыччат буолар. «Октябрь» холкуос биир тутаах
               үлэһитинэн биллэрэ. Ол курдук бастыҥ от оҕустарааччы, бурдук быста-
               рааччы. Бэйэтин кыанар, экчиргэ буолан Ааллаах Үүҥҥэ ат көлөнөн таһа-
               ҕас таһыытыгар сылдьыбыт.
                  Фроҥҥа 1942 сыл атырдьах ыйын 18 күнүгэр Чурапчы оройуонун ба-
               йыаннай комиссариатынан ыҥырыллан барбыт. Сэриигэ барыан иннинэ
               Кытахый сайылыкка, оҕо сылдьан сөтүөлээбит күөлүн аттыгар тииккэ кэ-
               риэһин бэлиэ сурук охсон хаалларбыт.
                  1942 сыл балаҕан ыйын 7 күнүгэр Ленинградскай уобалас Старорус-
               скай оройуонугар сэрии толоонугар өлбүт.

                    Уоттаах сэрии сылларыгар / Уус Алдан улууһун дьаһалтата.— Бороҕон, 1995.—
                    С. 43.




                                  БУРНАШЕВ ИВАН ИВАНОВИЧ
                                               (1910-1942)

                  1910 сыллаахха I Курбуһах нэһилиэгэр төрөөбүт. Сэриигэ барыар диэри
               Молотов аатынан холкуоска үлэлээбит.
               58
   55   56   57   58   59   60   61   62   63   64   65