Page 62 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 62

л
                      Клурбуһахтар дойду көмускэлигэр


           КЫАИЫЫ!
                  Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри кыргыс толоо-
               нугар инники кирбиигэ сылдьан, хаста да ыарахан бааһырыылары ылан,
               тыыннаах хаалан төрөөбүт дойдутугар эргиллэн эйэлээх олоҕу тутууга үлэ-
               лээбит Иннокентий Николаевич 1970 сыллаахха ыарахан ыарыыттан күн си-
               риттэн барбыт. Кини олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыллар.

                    Тыылга Кыайыыны уһансыбыт курбуһахтар / «Курбуһах нэһилиэгэ» муницип.
                    тэриллии дьаһалтата ; Н. С. Пестряков аатынан Уус Күөлүнээҕи модель, б-ка,—
                    Дьокуускай, 2020,— С. 20-21.


                                 БУРНАШЕВ ИОСИФ ИВАНОВИЧ
                                               (1921-1944)

                                          1921  сыллаахха I Курбуһах нэһилиэгэр Иван
                                       Михайлович уонна Ирина Григорьевна Бурнашев-
                                       тар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүт. Олорбут өтөхтөрө
                                       Илин Уус Күөлүн халдьаайыта.
                                          Курбуһах 7 кылаастаах оскуолатын бүтэрбит,
                                       комсомол чилиэнэ. Сэриигэ барыар диэри «Кыһыл
                                       хардыы» холкуоска үлэлээбит.
                                          Сэриигэ 1942 сыллаахха Чурапчы оройуонун ба-
                                       йыаннай комиссариатынан ынырыллыбыт. 28 стрел-
                                       ковай дивизия 35 стрелковай полкатын састаабы-
                                       гар киирэн сэриилэспит. Арҕаа фроҥҥа сылдьыбыт.
               Хаҥас атаҕар уонна илиитигэр улахан бааһырыылаах инбэлиит буолан,
               дойдутугар эргиллибит. Аҕыйах кэмҥэ атыылааччынан үлэлээбит. Сэриит-
               тэн ылбыт бааһыттан 1944 сыллаахха өлбүт. Кэргэннэммэтэх.

                    Үөскээбит түөлбэм ыллыктара: «Кыһыл хардыы» холкуос историята / хомуйан
                    оҥордо Василий Копырин,— Курбуһах, 2000, — С. 19.















               60
   57   58   59   60   61   62   63   64   65   66   67