Page 64 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 64

Курбуһахтар Аҕа дойду көмүскэлигэр




                        БУРНАШЕВ КОНСТАНТИН КОНСТАНТИНОВИЧ
                                               (1925-1997)

                                          1925 сыллаахха II Курбуһах нэһилиэгэр Кон­
                                       стантин Павлович уонна Фекла Осиповна Бурна-
                                      шевтар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүт.
                                          1940  сыллаахха Курбуһах сэттэ кылаастаах ос-
                                      куолатын үөрэнэн бүтэрбит. Барыга бары дьоҕур-
                                      даах, дьыалабыай уолу оччотооҕу II Курбуһах нэһи-
                                      лиэгин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Алексей Варламо­
                                       вич Васильев сэкирэтээр оҥостубут. Бу үлэҕэ аар-
                                      мыйаҕа барыар диэри үлэлээбит.
                                          Илиҥҥи фроҥҥа сулууспалаабыт. 1949 сыл муус
                                       устар 4 күнүгэр аармыйаттан кэлэн айылҕаттан та-
               лааннаах худуоһунньук, артыыс буолан Бороҕон кулуубугар үлэтин саҕа-
               лаабыт.
                  Онтон Тумул отделениетыгар управляющайынан, кэлин Нам оройуону-
               гар Үөдэйгэ, Партизаҥҥа Сэбиэт сэкирэтээринэн, управляющайынан үлэ-
               лээн бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыт.
                  10 оҕолоох, элбэх сиэннээх, хос сиэннээх. 1997 сыллаахха ыалдьан өлбүт.

                    Уус-Алданнар — Аҕа дойду көмүскэлигэр. — 1 чааһа.— Бороҕон, 2010.— С. 184.


                               БУРНАШЕВ МИХАИЛ АЛЕКСЕЕВИЧ
                                               (1923-1942)

                                          1923 сыллаахха I Курбуһах нэһилиэгэр Үрүйэ
                                      Төрдүгэр Алаас диэн сиргэ Алексей Иннокентьевич
                                       уонна Анна Ивановна Бурнашевтар дьиэ кэргэннэ-
                                      ригэр төрөөбүт. Бииргэ төрөөбүт төрдүөлэр Нико­
                                      лай, Михаил, Матрена, Марина. Ийэлэрэ эрдэ өлөн,
                                      оҕолору аҕалара атахтарыгар туруорбут.
                                          1939 сыллаахха Уус Күөлүн сэттэ кылаастаах
                                      оскуолатын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбит уон­
                                      на Ленинградтааҕы театральнай училищеҕа үөрэх-
                                      хэ туттарсан киирбит. Ол эрээри күһүн уу суола
                                       сабыллан барбакка хаалбыт уонна Саха театрыгар
                                      үлэҕэ киирбит.
               62
   59   60   61   62   63   64   65   66   67   68   69