Page 66 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 66

typ6yh.axm.ap ;tya дойду көмускэлигэр


           КЫАИЫЫ!
               хайыһардьыт, нэһилиэгэр чиэппэр күүстээҕинэн биллибит киһи. Михаил
               мае ууһа, кини туппут дьиэтэ Илин Уус Күөлүгэр бастакы маслоцех дьиэ-
               тэ буола сылдьыбыт. Сэриигэ барыар диэри «Кыһыл хардыы» холкуоска
               үлэлээбит.
                  1942 сыл бэс ыйын 24 күнүгэр Нам оройуонун байыаннай комиссариа-
               тынан ыҥырыллан сэриигэ барбыт. 1942 сыл балаҕан ыйыгар сураҕа суох
               сүппүт.

                    Үөскээбит түөлбэм ыллыктара: «Кыһыл хардыы» холкуос историята / хомуйан
                    оҥордо Василий Копырин,— Курбуһах, 2000, —С. 19.


                              БУРНАШЕВ НИКОЛАЙ ВАСИЛЬЕВИЧ
                                               (1918-1944)

                                          1918 сыллаахха I Курбуһах нэһилиэгэр Хайгыа-
                                      лаах диэн сиргэ Василий Иванович уонна Мария
                                       Михайловна Бурнашевтар дьиэ кэргэннэригэр то­
                                       рообут.
                                          Ликбезкэ үөрэнэн ааҕар, суруйар буолбут. Сэ­
                                       риигэ барыар диэри Молотов аатынан холкуоска кы-
                                      ладыапсыгынан, Мындааба наспотугар атыылаач-
                                       чынан үлэлээбит.
                                          Аармыйаҕа иккитэ ыҥырылла сылдьыбыт. Бас-
                                       такытын 1941 сыллаахха, иккиһин 1942 сыл атыр-
                                      дьах ыйын 20 күнүгэр Чурапчы оройуонун байыан­
               най комиссариатынан ыҥырыллан фроҥҥа барбыт. 149 стрелковай полкаҕа
               сулууспалаабыт.
                  1944 сыл атырдьах ыйын 26 күнүгэр сэрии толоонугар охтубут. Көмүл-
               лүбүт сирэ Монголия Улан-Циринг кылабыыһата.

                    Уоттаах сэрии сылларыгар / Уус Алдан улууһун дьаһалтата,— Бороҕон, 1995.—
                    С. 44.
                    Окоемов, Н. Ытык сааһым ахтыылара / Николай Окоемов. — Дьокуускай, 2015. —
                    С. 93-95.








               64
   61   62   63   64   65   66   67   68   69   70   71