Page 33 - Ахтар ытык иэстээхпит
P. 33

Нам олохтооҕун Обутов Николай Ильиһи көрсөн ыал буолбутгара,
       Үөдэйгэ олохсуйбутгара. 1950 с. мин төрөөбүтүм. Ийэлээх аҕам 11
       оҕону  төрөтөн  улаатыннарбыттара.  Ол  элбэх  оҕону  аһатыы-
       таҥыннарыы,  хаһаайыстыба  тэринии  эдэр,  тулаайах  дьоҥҥо
       ыарахан  соҕус  этэ.  Онно  барытыгар  көмө-имэ,  сүбэһит  буолбут
       киһинэн таайым барахсан этэ. Таайым сүрдээх элбэх сэһэннээх,
       кими да кытта этиһэ-охсуһа сылдьыбат, холку майгылаах, дьоҥҥо
       маар  үтүөнү  оҥорор,  сүрдээх  үлэһит,  үлэтигэр  эппиэтинэстээх
       үтүө-мааны киһи этэ. Мин таайбын сүрдээҕин сөбүлүүр этим. Ол
       да  иһин буолуо улаатан да баран кинилэртэн олох арахпат этим.
       Үөрэҕим  бүттэ  да  Сыырдаахха  сайылыы  бара  турар  этим,  оҕо
       сааһым  кинилэр  оҕолорун  кытта  бииргэ  ааспыта  да  диэтэххэ
       сымыйа буолбатах. Ол иһин билигин да саҥаспын, таайбын, кини
       оҕолорун күндүтүк санааммын сүрдээҕин аймаҕырҕаһабын. Таайым
       уһун кэмҥэ  Сыырдаахха саһыл ферматыгар сэбиэдиссэйдээбитэ.
       Вилигин  санаатахпына,  государствоҕа  хоромньу  оҥорботохторо
       буолуо,  хамнас  эрэ  ыллахтара.  Мин  көрдөхпүнэ  сайыннары-
       кыһыннары  бэйэлэрэ  балыктаан  саһылларын  аһаталлара,
       саһылларын  аһылыгын  бэйэлэрэ  булаллара-талаллара.  Оҕолору
       саһылга  чугаһаппат  этилэр,  сыыһа  аһатыаххыт,  куттаан  саһыл
       оҕотун  куоттарыаххыт  диэн.  Таайым  Үөдэйгэ  күүлэйдии
       гиийдэҕинэ  биһиэхэ  бырааһынньык  буолара.  Кэллэҕинэ  кэһии
       бөҕөлөөх, элбэх сонуннаах буолара. Ийэлээх аҕабар үтүө сүбэһит-
       амаһыт  буолара.  Кини  аҕалбыт  тэриллэрэ  билигин  да  бааллар.
       Виһиги бары улаатан аһыыр остуолбутугар баппат буолбуппутугар
       улахан баҕайы аһыыр остуол уонна олоппос аҕалбьгга, өссө илиинэн


























                           Сэрии, үлэ ветераннара
   28   29   30   31   32   33   34   35   36   37   38