Page 106 - Өнөрдөр Аҕа дойду сэриитигэр. I чааһа
P. 106
тын көрдөрөөрү мин көннөрү биир суолу кэпсиэхпин баҕарабын.
Дьон кэпсээниттэн.
Күһүн, куобах саҕана, хонтуораҕа хаайтаран олорор дьон, үлэ
чааһын кэнниттэн кэрийэ тахсыаҕыҥ диэн сүбэлэспиттэрэ. Туох
эрэ албаһынан көҕүтэн, Мэхээлэни эмиэ илдьэ барарга диэн буол-
бут. Мэхээлэ хаһан эмит сааламмытын дуу, тугу эмэ өлөрбүтүн
дуу туһунан билбит, истибит киһи да суох. Онон, кини булка
көҕүйбэт. «Эр киһи буоллаҕа дии, бу булт саҕана, кини соҕотоҕун
арыыланан хаалан хаалара табыллыбат, баҕар, хомойо сылдьыа»,
- диэн кэтэҕинэн кэпсэппиттэр. Чэ, туох эрэ албаһынан син тыл-
ларыгар киллэрэр санаммытгар.
- Кэбис, кэбис, эһиги бэйэҕит, мин саам суох уонна баҕар
туох эмит наада күөрэс гыныа, - диэн киһилэрэ буолумматах.
Хантан эрэ аҥаар уостаах саа булуллубут:
- Биһиги бултуу барыахпытын наһаа баҕарабыт да, эн барбат
буоллаххына хайыахпытый, тохтуубут, - диэн булгуччу «ультима-
тум» туруорбуттар. Мэхээлэ дьонун сирэйин-хараҕын көрбөхтөөн
баран «бэриммит». Онон дьэ барар буолтар.
Ханна ыраатыахпытый, чугастыы Мылыдьыйа үрдүн кэрийиэ-
ҕиҥ дэһиспиттэр. Бары биир кэккэнэн, тыа иһигэр киирэн испит-
тэр. Сотору буолаат, Мэхээлэ «кини», «кини» диир саҥата иһил-
либит. Ону кытга даҕаспытынан саа тыаһа түптэ саалла түһэр.
- Хайа, Мэхээлэ, тугу ыттыҥ? - диэн аттыгар иһэр киһи
ыйытар.
- Куобах! Куобах, — диир Мэхээлэ хап-сабар,— Хайастыҥ?
- Өлөрүүкэп, өлбүт курдук! - Мэхээлэ эгди буолбут саҥа-
та иһиллэр уонна хачыгырайан тиийэн ылыах курдук буолан
эрдэҕинэ, аҥар атаҕын тоһуттарбыт куобах иннин хоту ойор.
Сабыта баттаһыы буолар да туһа суох. Сэргэстэһэ иһээччи эмиэ
ыһыытаан ыйытар.
- Хайа, Мэхээлэ куобаххын ыллыҥ дуо?
- Суох. Куоппут курдук, - диир Мэхээлэ, ыксаабыт саҥа-
та. Дьэ, ол кэннитттэн доҕоор, киһи куобаҕы эккирэтэр тыаһа
иһиллэр. Хаһан эрэ уот сиэн, куруҥ буолбут лааҥкы тыа маһа
киһи үктэннэҕин ахсын баччаланан иһэр. Дьон хайыахтарын да
булбакка тохтоон турбуттар. Эккирэтэн иһэр киһи чугаһа бэрдит-
тэн ким да куобаҕы ыта сорумматах. Ыраатан бара-бара чугаһаан,
биирдэ иһиттэххэ уҥа элээҥҥэ, биирдэ иһиттэххэ хаҥас элээҥҥэ
буолан испиттэр. Дьэ онтон биирдэ, туохха эрэ иҥиннэрэн, оҕо-
луу сарылаппытынан, тостон баран соһулла сылдьар атаҕыттан
102

